«Норуот участковайа -2015» диэн ааттаах сылын аайы ыытыллар Бүтүн Россиятааҕы куонкурус иккис түһүмэҕин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кыайыылааҕынан Сунтаартан полиция капитана Петр Горохов ааттаммыта.
Бу куонкурус сыалынан-соругунан полиция үлэтэ аһаҕас буолуутун ситиһии, кини нэһилиэнньэни кытта ыкса алтыһыытын үрдэтии буолар.
«Наҕараада дьоруойун булар» дииллэринии, бу дьыл от ыйын 27 күнүгэр ыытыллыбыт Ис дьыала министиэристибэтин киэҥ ыҥырыылаах коллегиятын мунньаҕар миниистир, полиция генерал-майора Владимир Прокопенко участковай Петр Гороховка Россия ИДьМ-тын Бочуотунай Грамотатын туттарда.
Россия ИДьМ-тын миниистирэ, генерал Владимир Колокольцев илии баттааһыннаах бу наҕараадаҕа: «Сулууспа эбээһинэстэрин эҥкилэ суохтук толоруу, суһал-ирдиир тэрээһиннэргэ үтүө түмүктэри ситиһии, ону тэҥэ, «Норуот участковайа-2015″ Бүтүн Россиятааҕы куонкурус кэмигэр нэһилиэнньэ үрдүк итэҕэлин ылыы иһин наҕараадаланар» диэн суруллубут.