30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

"Уһук илиҥҥи гектары" ылааччылар сирдэрин кулун тутар 1 күнүгэр диэри докумуоннатыахтаахтар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр Уһук илиҥҥи гектары ылааччылар сирдэрин бас билиигэ эбэтэр арендаҕа ылыыларын кулун тутар 1 күнүгэр диэри докумуонунан оҥорторуохтаахтар.

Сиргэ сыһыаннаһыыларга министиэристибэ «Уһук илиҥҥи гектар» бырагыраама кыттыылаахтарын санатарынан, сир бэриллибитин туһунан дуогабардарын болдьоҕо тахсыбыттар, салгыы 49 сылга арендаҕа эбэтэр бас билиигэ ылыыга сайабылыанньаларын суруйуохтаахтар.

Докумуону кулун тутар 1 күнүгэр диэри тиксэриэхтээхтэр. Боломуочуйалаах уоргаттарга тус бэйэтэ тиийэн, почтанан ыытан эбэтэр электроннай киэбинэн «НаДальнийВосток.рф» федеральнай информационнай систиэмэни туһанан тиксэриэхтээх. ФИС-ка киирэн «Мой участок» түһүмэҕи талан, «Выбор вида права» диэн кнопканы баттаан, сиргэ быраабын талар (аренда эбэтэр бас билии), докумуоннарын сыһыары тутар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА