22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тырааныспар техникума тимир суолга үлэлиэн баҕалаах оҕолору ыҥырар

15:00, 28 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аҕыйах сыллааҕыта Аллараа Бэстээххэ сабыс саҥа аныгылыы тупсаҕай көрүҥнээх Тырааныспар техникума, 250 миэстэлээх секционнай уопсай дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Манна «Саха сирин тимир суоллара» АХ уонна суол-иис тэрилтэлэригэр үлэһиттэри бэлэмнииллэр.


Тимир суолу тутар, локомотивтары, вагоннары көрөн-истэн, айаҥҥа ыытар, тимир көлөнү өрөмүөннүүр, таһаҕаһы, дьону тиэйиини тэрийэр испэсэлиистэр 2 сыл 10 ый үөрэнэллэр, маны таһынан, үс сыллаах кэтэхтэн үөрэнии баар. Устудьуоннар тимири холбуу сиэтэр (сыбааркалыыр), уһанар мастарыскыайдаахтар. Лаборатория, таҥас сууйар сир, медпуун, сынньалаҥ хос, эрчиллэр саала бааллар. Онон олорорго, сайдарга усулуобуйа үчүгэй.      

Манна устудьуоннар араас улуустартан кэлэн үөрэнэллэр. Мин бүгүн Мэҥэ-Хаҥаластан Фаина Солдатованы уонна Бүлүү улууһуттан Алина Шамаеваны көрсөн кэпсэттим. Кыргыттар иккис кууруска үөрэнэллэр, үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ Аллараа Бэстээххэ, эбэтэр Алдаҥҥа тимир суол ыстаансыйатыгар дьуһуурунайынан үлэлиэхтэрин сөп. Хас пуойас, таһаҕас кэлэрин-барарын кинилэр салайыахтара, вагоннары ыраах айаҥҥа атаарыахтара. Саха сиригэр киэҥник тарҕана илик эрээри, инникитин кэскиллээх диэн бу идэни таллыбыт дэһэллэр. Кинилэр үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ тимир суолга үлэнэн хааччыллыахтара.

Бу үөрэх баарын хантан билэн кэллигит диэн ыйытыыбар Алина: «Учууталларым кэпсиир этилэр. Идэни таларга лиэксийэ кэлэн ааҕааллара. Тус бэйэм техника өртүн интэриэһиргиибин, математиканы, физкультураны сөбүлүүбүн. Техникумҥа киирэргэ улахан куонкурус суох этэ. Онон кэлээт, аттестат орто баалынан тута киирбитим. Үчүгэй характеристикалаах, баҕалаах оҕо үөрэнэ киириэн сөп. Уолаттар сварщик, тимир суолу көрөр-истэр идэҕэ үөрэнэллэр. Саҥа уопсайдаахпыт, хоско иккилии буолан олоробут. Туйгун үөрэхтээх оҕолор 3000 солк. истипиэндьийэлээхтэр. Түөрт сыанаҕа үөрэнээччилэр 2500 солк. ылаллар. Өссө аска 2500 солк. биэрэллэр, эбэтэр остолобуойга аһыырга толуон ылыахха сөп. Ону харчынан ыллахха, биир күнүнэн бүтэн хаалар. Аһыырга сыана чэпчэки, биир мөһөөккө тотобут. Үөрэхпитин бүтэрдэхпитинэ, тимир суолга проводнигынан үлэлиэхпитин сөп. Биһиги практикабытыгар Томмот-Нерюнгри икки ардыгар сылдьан, инникитин хайдах үлэлииргэ үөрэнэбит», — диэн кэпсээтэ.

Кырдьык даҕаны, техникуму көрдөххө киһи эрэ үөрэ-көтө үөрэнэр усулуобуйата тэриллибит. Үс сыл иһигэр эдэр ыччат идэ ылан, тимир суол эйгэтигэр үлэлиирэ кэрэхсэбиллээх. Дьон төһө даҕаны нэдиэлэни быһа пуойаһынан Москваҕа айаннаабатаҕын да иһин, ас-таҥас, таһаҕас барыта тимир суолунан кэлэн, сүрүн айан аартыга Бэстээҕинэн ааһыа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА