— Быйылгы сайын кубулҕаттаах буолуоҕа — субу-субу эмискэ сылыйыаҕа, эмискэ тымныйыаҕа. Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта үгүс улууска +30 кыраадыска тиийэ куйаара сылдьыбыт буоллаҕына, бээтинсэттэн ыла бу өрөбүллэргэ күнүс +8, түүн +2 кыраадыска тиийэн, олус тымныы, күһүҥҥүлүү халлаан турда. Сорох улууска хаардаата. Кэлэр нэдиэлэҕэ киин улуустарга сэрэдэттэн ыла сылыйбытынан барыаҕа. Ол эбэтэр түүн +14, күнүс +18 кыраадыс сылыйыаҕа. Ол эрээри сэрэниэххэ наада: бэс ыйын 3-4 күннэригэр эмиэ «сөрүүкээн» ылыаҕа. Арай субуотаттан, бэс ыйын 6 күнүттэн, сайыҥҥылыы куйаас күннэр кэлиэхтэрэ. Этэн аһарбытым курдук, быйылгы сайын олус кубулҕаттаах буолуоҕа. Ол эбэтэр эмискэ баҕайы улахан тыал, буурҕа кэлэн түһүөҕэ. Онон чааһынай дьиэлээх, улахан тэпилииссэлэрдээх дьон сэрэниэххитин наада. Кэлин улахан тыал үгүс дьиэ кырыыһатын көтүтэр буолла. Онон улахан тыалга, буурҕаҕа сэрэниҥ, кыра оҕону мээнэ таһырдьа таһаарымаҥ.
Сиһилии: © edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/tuskul-bilgete-byjyl-sajymmyt-hajdah-buoluoj/