22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Туймаада" төрөппүт түмсүүтэ оҕолорго аналлаах мультипликацияны оҥорууга күрэхтэһии биллэрдилэр

14:53, 25 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оҕо төрүт тылын, дойдутун туһунан билиитин хаҥатар сыалтан оҕолорго аналлаах мультипликацияны оҥорууга күрэхтэһии балаһыанньата таҕыста. Ураты куонкуруһу «Туймаада» төрөппүт түмсүүтэ тэрийэр. Балаһыанньаны бэчээттиибит.


Оҕолорго аналлаах мультипликацияны оҥорууга күрэхтэһии
БАЛАҺЫАННЬАТА

1 . Уопсай балаһыанньата:

1.1. Интернет ситимигэр саха тылынан оҥоһуллубут мультипликациялар элбииллэрин ситиһии.

1.2. Куонкурус ыытыллар сыала: Оҕо төрүт тылын, литературатын баһылыырыгар усулуобуйа тэрийии.

1.3. Куонкурус соруктара:

  • Оҕолорго аналлаах мультипликациялары оҥорууну көҕүлээһин;
  • Оҕо төрүт тылын, дойдутун туһунан билиитин хаҥатыы;
  • Оҕо ситимнээн саҥарарын, айар дьоҕурун сайыннарыы;
  • Информационнай, коммуникационнай технологиялары табатык туһаныы.

2. Ыытыллар бэрээдэгэ уонна тэрээһинэ:

2.1. Куонкуруһу “Туймаада” төрөппүт түмсүү тэрийэн ыытар.

2.2. Тэрийээччилэр өттүлэриттэн дьайыы:

2.2.1. дьүүллүүр сүбэни тэрийэр;

2.2.2. куонкурус бары кыттааччыларыгар тэҥ усулуобуйаны тэрийэр;

2.2.3. куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалааһыны тэрийэр;

2.3. Куонкуруска кыттааччы 16 сааһын ааспыт киһи буолуохтаах;

2.4. Куонкурус кыттыылаахтара бииртэн элбэх мультипликацияны куонкуруска биэриэхтэрин сөп, салайааччылаах буолуохтарын сөп.

2.5. Куонкуруска кыттарга анал сайаапка, www.youtube.com сайтка регистрация уонна “Саха оҕото” ханаалга суруттарыы ирдэнэр.

2.6. Сайаапката электроннай көрүҥүнэн 2018 сыл ыам ыйын 20 күнүгэр дылы хомуллар. Эл.аадырыс — ps_skrybykin@mail.ru билсэр телфон: 8924-595-4884.

2.7. Куонкурус саҕаланар күнэ: тохсунньу 20 күнэ 2018 сыл.

3. Куонкурус ыытыллар усулуобуйата:

3.1. Мультипликация уһуна 7 мүнүүтэттэн кылгас буолуо суохтаах;

3.2. Мультипликациялар форматтарынан буолаллар: MOV, MPEG4, MP4, AVI, WMV, MPEGPS, FLV, 3GPP, WebM.

3.3. Уһуллубут мультипликацияларга үөхсүү уонна да атын быдьар тыллар, куһаҕан быһыылар суох буолуохтаахтар.

3.4. Мультипликация уһуллар сценарийыгар, тематыгар хааччахтааһын суох.

3.5. Мультипликация куонкурус сыалыгар уонна соруктарыгар толору эппиэттиэхтээх.

3.6. Куонкуруска кыттааччылар www.youtube.com сайтка мультипликацияны таһаарыыга сөбүлэһиэхтээхтэр.

4. Мультипликациялары сыаналааһын (5 баалынан):

4.1. Мультипликациялар ис хоһоонноро 0-10 саастаах оҕолорго туһаайыллыахтаах;

4.2. Көстүүтүн хаачыстыбата;

4.3. Иһиллэр хаачыстыбата;

4.4. Саха тылынан ыраастык, чуолкайдык, сөптөөхтүк саҥарыы;

4.5. Иитэр-үөрэтэр суолталааҕа.

5. Кыттааччылары наҕараадалааһын:

5.1.Түмүгү уонна сыаналааһыны хас биирдии бөлөххө дьүүллүүр сүбэ таһаарар.

5.2. Бөлөхтөргө куонкурус түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ кыайыылааҕы быһаарар.

5.4. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта уларыйбат.

5.5. Кыттааччылар уонна кыайыылаахтар туоһу суругунан, “Туймаада” төрөппүт түмсүү анал грамотатынан уонна сыаналаах малынан наҕараадаланаллар.

1 сыһыарыы

КУОНКУРУСКА КЫТТЫЫ САЙААПКАТЫН формата

  1. Кыттааччы толору аата,

2. Сааһа,

3. Дьарыга,

4. Телефонун нүөмэрэ,

5. Үлэлиир сирэ, олорор сирин аадырыһа.
www.youtube.com сайтка Мультипликацияны таһаарыыга сөбүлэҥ туоһута: Сөбүлэһэбин.

Күнэ/Ыйа/2017 сыл ____________ / (А.А.А. толору)

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА