Дьааҥыттан төрүттээх Матрена Пермякова Табалаахха эбэтигэр ыалдьыттыы кэлэ сырытта. «Тоҕус томтордоох, хатыҥ чараҥнардаах Чурапчыга кийииппин. Манна сылдьан сир-сир айылҕата уратытын биллим. Дойдубуттан күүс-сэниэ ыла кэллим. Оҕолору ырыаҕа үөрэттим”, — диир кини. Сотору Табалаах нэһилиэгин оҕолорун клиптэрэ киэҥ куйаарга көстүөҕэ, тарҕаныаҕа.
Табалаахха олорор эбэтин аатын салҕааччы Матрена Дьокуускайдааҕы педколледжы кыһыл дипломунан бүтэрэн, билигин Арктыкатааҕы култуура үнүстүтүүтүгэр үрдэттэр. Чурапчытааҕы «Улыбка» оҕо саадыгар муусука салайааччытынан үлэлээбитэ биэс сыл буолла.
«Оҕо тула өттүнэн сайдыылаах буолуохтаах диэн баҕаттан, манна, төрөөбүт дойдум оҕолоругар «Сулусчаан» ырыа лааҕыра арыйан үлэлэттим. Лааҕырга 26 оҕо сырытта, 13 авторскай ырыа айылынна, 6 клип уһуллум. Ырыалары олохтоох хоһоонньуттар тылларыгар суруйдум. Айар үлэ тахсыылаах буоларыгар оскуола саастаах оҕолору кытта үлэлиир ордук. Түмүккэ 26 нүөмэрдээх кэнсиэр туруордубут, быыһыгар нууччалыы уонна английскайдыы ыллаттым», — диэн таһаарыылаах үлэтин түмүгүн Матрена Витальевна сырдатар.
Ырыаҕа дьарыктанар эгил-тэгил кыргыттар: «Кыыс оҕо уһун суһуохтаах буолуохтаах. Биһиги ыллыыбыт уонна үҥкүүлүүбүт», — дэһэллэр. Дьааҥылыы түөлбэ ырыатыттан саҕалаан, эстрадаҕа дугунар 11-с кылаас үөрэнээччитэ Надя Слепцова быйыл 14-с сылын ырыанан дьарыктанарын кэпсиир. «Аан бастакыбын ырыа айдым, Матрена Витальевна клип оҥордо. Элбэхтик дьарыктаннахха кэнсиэрдэргэ, күрэхтэргэ кыттан киһи эбиллэрэ биллэр. Үөрэхпэр үчүгэйбин, быраас буолуохпун баҕарабын», — диэтэ уонна уһуйааччытыгар махталын тириэртэ.
Юмшанова Арина, 6 кылаас үөрэнээччитэ: «Мин үһүс кылаастан ырыанан дьарыктанабын. Дьааҥыттан төрүттээх биллиилээх суруйааччы Степан Юмшанов «Мин дойдум» хоһоонугар ааспыт сыллаахха Егор Неустроев матыып айбыта, ол ырыанан үс кыыс «Бриллиантовые нотки» баран кыттан, 1 степэннээх лауреат аатын ылбыппыт. Ырыа билиигэ эмиэ эбии биэрэр».
Матрена Витальевна Мария Саввинаҕа үөрэммитин, клип устуу абылаҥнаах дьарык буоларын сэгэтэр. Үлэлиир «Улыбка» оҕо саадыгар муусукаҕа, квалификацияны да үрдэтиигэ семинар ыытылларын, оҕолорго аналлаах айбыт ырыаларын киэҥ эйгэҕэ тарҕатарын сырдатар. Ситим үйэтин сиэринэн бассаапка муусука учууталларын, салайааччыларын «Музыка кэрэ эйгэтэ» диэн бөлөҕүн нөҥүө элбэх ырыа тарҕанарын кэпсиир. «Москваҕа ыытыллыбыт эбии үөрэхтээһин, муусука учууталларын семинарыгар баран кыттан «Шалунишки» диэн бырайыакпын көмүскээбитим, 14 ырыалаах, кыра саастаах оҕолорго аналлаах бастакы хомуурунньугум тахсыбыта. Оттон бу Дьааҥыга кэлэ сылдьыым түмүгүнэн «Сулусчаан» диэн ноталардаах хомуурунньук таһаарыам. Табалааҕым оҕо саадыгар гимн айан хааллардым. Кэтэхтэн араас конкурстарга кыттыахтарын баҕарабын», — диэн баҕа санаалаах.
Чурапчы «Улыбка» оҕо саадын үлэһиттэрэ уонна оҕолор ансамбыллаахтарын уонна Чурапчыга үс этээстээх оҕо саада тутуллан эрэрин Табалаах дьоно улаханнык сэргээтилэр.
Икки кырачаан кыргыттарын Кэрэчээнэлээх Ньургуһуну дойдутугар илдьэ кэлбит. Кэргэнэ Пермяков Иннокентий Иванович. «Мин манна Прасковья Васильевна Тутукарова-Потаповаҕа ыллыырга үөрэммитим. Кини барбытын кэнниттэн оҕолор тулаайахсыйбыт курдуктар. Талааннаах муусука учууталлара наадалар эбит дии санаатым. Муусука эйгэтигэр оҕолору кытта бииргэ сылдьарбар суолбун аспыт Прасковья Васильевнаҕа уонна «Тулуйхан» ырыа ансамбылын төрүттээччилэрэ, салайааччылара Неустроевтарга махталым улахан», — диэн истиҥник махтанарын этэр.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА