«Тыа хаһаайыстыбатын кыылларын маркировкатын туһунан» саҥа федеральнай сокуон ирдэбилинэн, ынах сүөһүнү уонна сылгыны маркиловкалааһын ыытылла турар. Ынах сүөһү маркировката улууска бүппүт буоллаҕына, сылгы киэнэ бытаан. Бу бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маннык.
Сэтинньи 18 к. туругунан Ньурба улууһугар 2,5 тыһыынча сылгы чиптэннэ. Ньурбачааҥҥа уонна Дьиикимдэҕэ сылгыны чиптээһиҥҥэ үлэ үчүгэй, атын нэһилиэктэргэ бытаан. Хаар анныттан хаһан аһыы сылдьар сылгылары тутуу төһө даҕаны түбүгү-сыраны эрэйбитин иһин, тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга, ол иһигэр бааһынай хаһаайыстыбаларга эмиэ — ахсынньы 1 к. диэри, оттон тус көмөлтө хаһаайыстыбаларга 2025 с. кулун тутар 1 к диэри сылгы маркировкатын түмүктүүр сорук турар.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Леонид Ушканов СӨ Ветеринарнай управлениета балаһыанньаны өйдөөн, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар ветуправлениеларга чип атыылаһан ыытан, федеральнай сокуон ирдэбилэ туоларын туһугар үлэни түргэтэтэ сылдьарын бэлиэтиир. Ветеринария салалтата коммерческай тэрилтэлэртэн чиптэри сакаастаан ылар. Сылгы киэнэ биһиги улууспутугар сыаната тус көмөлтө хаһаайыстыбаларга – 207 солк., тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга, ол иһигэр ИП-ларга, бааһынай хаһаайыстыбаларга – 211 солк.
«Тыа хаһаайыстыбатын кыылларын маркировкатын туһунан» федеральнай сокуон туолуутун бэрэбиэркэлиир уорганынан Россельхознадзор буолар. Кэлэн бэрэбиэркэлиир түгэннэригэр чиптэнэ илик сылгылаах дьону боротокуоллаан ыстарааптатыахтарын сөп. Ол иһин сылгылаах дьон сөпкө өйдөөн маркировканы оҥортороллоругар ыҥырабыт.
Маннык маркировка киирэрэ — билиҥҥи олох ирдэбилэ. Суот-учуот үлэтэ тупсар, барыта чуолкай, мөккүһүллүбэт буолар.
Маркировканы ааспыт сылгы даҕаны, ынах сүөһү даҕаны туһунан сибидиэнньэ ФГИС ВетИС Хорриот диэн федеральнай информационнай систиэмэҕэ киирэр. Туох кистэлэ кэлиэй, сорох хаһаайыттар сылгыларын кыайан туппаттар, олохтоох дьаһалтаҕа тиийэн исписэлиистэр хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ киллэрэллэригэр көннөрү тылынан этэр түбэлтэлэрэ эмиэ баарын исписэлиистэр ыйаллар. Инникитин маннык быраактыка уурайыах кэриҥнээҕин улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта бэлиэтиир.
Онон сылгылаах дьону барыгытын сылгыларгытын маркировкаларгытыгар сүбэлиибит. Федеральнай сокуон туолуутун Россельхознадзор бэрэбиэркэлиир түгэнигэр эппиэтинэскэ тардыллыбат курдук.
Ааптар: Геннадий Антонов.