Саха сиригэр билиҥҥи эпидемия сезонугар тумууну утары быһыы ыларга 425 130 киһи былааннаммыт. 2026 сыл алтынньы 16 күнүн туругунан 214 331 киһиэхэ — былаантан 50,4% — быһыы бэриллибит. Өрөспүүбүлүкэҕэ 433 быһыыны биэрэр биригээдэ үлэлиир, кинилэргэ 1000-тан тахса медүлэһит кыттыбыт.
Быраас быһаарбытынан, быһыыны ылыыга табыгастаах кэм — алтынньы-ахсынньы ыйдар, эпидемия иннинээҕи кэм. Быһыыны ылбыт кэннэ иммунитет 10–14 күнүнэн үөскүүр уонна 12 ый устата туһалыыр, күһүн да, саас да көмүскэли хааччыйар.



