♈️Хой
Бүгүн эйиэхэ олус актыыбынай күн, соһуччу уларыйыылар да киириэхтэрин сөп. Коммуникацияҕа ыарахаттары көрсүөҥ. Онон тулуурдаах буол.
♉️Оҕус
Күнүҥ – уу-нурал чуумпу. Ол эрээри наһаа налыйыма. Соһуччу соруктар көстүөхтэрэ. Кыраҕа да болҕомтолоох буол.
♊️Игирэлэр
Интэриэһинэй идиэйэлэр уонна саҥа билсиһиилэр күүтүллэллэр. Кыра мэһэйдэр баар буолуохтарын сөп, онуоха айар дьоҕуруҥ дьыаланы быһаарар кыахтаах.
♋️Рак
Эмоциональнай күн. Ол эрээри кыһалҕалар судургутук быһаарыллаллар. Сынньанар туһунан умнума.
♌️Хахай
Лидерскэй хаачыстыбаҥ туруоруммут сыалгын ситиһэргэр көмө буолуоҕа. Саҥа соруктарга бэлэм буол.
♍️Кыыс
Элбэх үлэни тэҥинэн оҥорорго күһэллиэҥ. Бу дьыалаҕа сынньаммыт өйдөөх-санаалаах турун, үлэҥ испииһэгин оҥор.
♎️Ыйааһын
Дьыалаҕын барытын биир тэҥник сааһылаатаххына ситиһии тосхойуо. Бу күн кэпсэтиилэргэ уонна сибээстэри бэрээдэктииргэ табыгастаах.
♏️Скорпион
Интуицияҕар эрэн. Бу – дьыалаҥ быһаарылларыгар бастыҥ сүбэ. Коллегаларгар болҕомтолоох буол.
♐️Охчут
Бүгүн дьыалаларгын сөпкө сааһыланнаххына элбэҕи ситиһиэххин сөп. Саҥа дьону кытта билсиһиэҥ.
♑️Чубуку
Болҕомтолоох, барытыгар бэлэмнээх буоларыҥ ордук. Ыарахан боппуруоһу быһаарар күүс баар.
♒️Күрүлгэн
Айар үлэҕэр күүс-уох, саҥа идиэйэлэр киириэхтэрэ. Саҥаны, сонуну айыаҥ-тутуоҥ.
♓️Балыктар
Интуицияҕынан сирдэтинэн үлэҕин кыайа-хото тутуоҥ. Тулалыыр дьонуҥ көмөҕөр махталлаах буолуохтара.
Аһаҕас источниктартан ылылынна