2022 сыл кулун тутарыгар астрономнар арыйбыт C/2022 E3 (ZTF) комета сиргэ чугаһыыр. Олунньу 1 күнүгэр халлаан эттигэ планетаҕа муҥутуурдук чугаһыыр уонна ону хотугу полушарие олохтоохторо, ол иһигэр Саха сирин дьоно, көрөр кыахтаахтар.
Билигин комета Россия территориятыттан телескоп нөҥүө эрэ көстөр, сарсыарда эрдэ чуолкайа суох бээтинэ курдук, диэн суруйар Москватааҕы планетарий.
Чугасаһыы кэмигэр C/2022 E3 (ZTF) уонна Сир арда 42 мөл км кылгыыр.
Борогунуос этэринэн, комета сырдыга сулус киэбинэн +5 — +4 тиийэр. Ол аата куорат электричествотын сырдыга суоҕугар уонна ыраас халлааҥҥа анал прибора суох көрүөххэ сөп. Суола C/2022 E3 (ZTF) «Большая Медведица» уонна «Хотугу сулус» ардынан барар.
Комета бу иннинэ Сир таһынан 50 000 сыл анараа өттүгэр ааспыт.
Хаартыска: Unsplash