22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин олохтоохторо коронавирус боппуруоһунан 112 нүөмэргэ эрийиэхтэрин сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбата коронавирус боппуруоһунан ыйытыыларга биир кэлим нүөмэри биллэрэр. Бу нүөмэртэн салгыы, кыһалҕаларынан көрөн, сөптөөх инстанцияларга холбонуу барыахтаах. Маннык дьаһалы 112 нүөмэргэ сыһыарыахтарын сөп, диэн СИА иһитиннэрэр.


Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина Саха сиригэр эпидемиологическай балаһыанньа туһунан брифинг кэнниттэн билигин салалта 112 биир нүөмэри холбуур туһунан кэпсэтиини ыыта сылдьарын эттэ. Бу нүөмэринэн коронавирус туһунан эрийэн ыйыталаһыаххытын көп.

«112 сулууспа биир кэлим кнопка быһыытынан үлэлиэҕэ. Салгыы коронавирус боппуруоһугар ким туох кыһалҕалааҕынан холбуохтара: волонтердарга, биэнсийэлээхтэргэ, медицина көмөтүгэр наадыйааччыларга о.д.а. тус туһунан наардыахтара», — быһаарда кини.

Маннык сорудаҕы РФ президенин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев эттэ. Маны сэргэ кини балыыһалар инвентаризацияларын ыытары соруйбута. Балабкина эппитинэн, Саха сиригэр кадры уонна материальнай-техническай кыаҕы учуоттааһын өссө олунньуга ыытыллыбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА