8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Саха сирин 2900 олохтооҕо тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитин иһин биэнсийэтигэр эбии төлөбүр ылыаҕа

Хаартыска: ЯСИа саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сирин олохтоохторугар, тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбиттэргэ, страховой биэнсийэлэрэ үрдээбит кээмэйинэн бэриллэр. Региоҥҥа маннык эбии төлөбүрү 2953 биэнсийэлээх ылар. Ол туһунан Россия социальнай пуондатын олохтоох салаата иһитиннэрдэ.

Надбавка, сааһынан эбэтэр инбэлиитинэн страховой биэнсийэтигэр быһыллыбыт төлөбүр, 25% ылар. 2024 сылга сааһынан уонна I эбэтэр II группалаах инбэлиитинэн ылар страховой биэнсийэтэ 2033,72 солк, III группалаахтар — 1016,86 солк.

Биэнсийэ ылааччы үлэлээбэккэ сынньалаҥҥа олорор буолуохтаах.

Тыа сирин ыстааһа 500 араас идэҕэ уонна дуоһунаска көрүллэр, ол иһигэр — агротехник, үүнээйини олордор оператор, үүнээйини хомуйар машинист, тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын өрөмүөннүүр слесарь, тырахтарыыс, тигээйи көрөөччү уо.д.а.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА