Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалларга көмө быһыытынан бэриллэр сир учаастактара 70%-нын кэриҥэ туһаныллыбакка турар. Ол иһин салалта харчынан компенсация практикатын төттөрү киллэрэр былааннаах диэн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов эттэ.
Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастактарын биэриини харчынан компенсациялыыр практика хас да сыл үлэлээбитэ. Владимир Солодов социальнай ситимнэргэ быһа эфиригэр эппитинэн, бу маннык дьаһаныы түмүгү биэриитэ үрдүк.
«Элбэх оҕолоохтор ылбыт сирдэрин туһаҕа таһаарыыларын көрдөрүүтэ намыһах. Инфраструктуралаах да сирдэргэ 27-30%-ны куоһарбат. Ол аата көмө миэрэтэ туһанааччыга тиийбэт«, — диэн быһаарда миниистирдэр кабинеттарын салайааччы.
Саха сиригэр элбэх оҕолоохторго учаастак биэриитин оннугар ийэ хапытаалын икки бүк улаатыннаран биэрэллэрэ. Солодов эппитинэн, билигин бу практиканы төттөрү киллэрэр сорук турар. Кини быһаарыы федеральнай таһымҥа эмиэ тириэрдиллибитин иһитиннэрдэ.