Быйыл Саха сиригэр сүөһү уонна сылгы кыстыгар анаан 459 тыһыынчаттан тахса туонна оту бэлэмнэнэрэ былааннанар, итинтэн 88 тыһыынча туонната номнуо бэлэм. От былаанын толорууга бастыҥ көрдөрүүлэри киин уонна илин эҥэр улуустара ситистилэр. Ол туһунан Саха сирин баһылыга Айсен Николаев «Якутия вперед!» биэриигэ иһитиннэрдэ.
«От ыйын 28 күнүгэр сарсыарда өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 88 тыһыынчаттан тахса туонна от бэлэмнэннэ. Окко мөлтөх үүнүүлээх оройуоннар суохтар. От былаанын толорууга бастыҥ көрдөрүүлэри киин уонна илин эҥэр улуустара ситистилэр. Ходуһаларга былырыыҥҥытааҕар элбэх киһи уонна тиэхиникэ үлэлиир», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.