22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ федеральнайдааҕы бюджеттан 45 мөл солк Верхоянскай куораты тупсарыыга ылыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ федеральнайдааҕы бюджеттан 45 мөл солк куорат эйгэтин тупсарыыга ылыаҕа. Үп Верхоянскай куорат бырайыагын олоххо киллэриигэ туһуланыаҕа. Чуолаан, кинилэр Бүтүн Россиятааҕы куонкурус кыайыылаахтарынан буолбуттара. СӨ быһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 


РФ бырабыыталыстыбатын премьера Михаил Мишустин кыра куораттарга уонна историческай сэлиэнньэлэргэ тупсаҕай эйгэни оҥорууга анаммыт бырайыактары олоххо киллэриигэ Российскай Федерация субъектарыгар бюджеттар икки ардыларынааҕы трансферты тыырарга сорудахтаата.

5 млрд солк суумалаах үп 43 региоҥҥа түҥэтилиннэ. Саха сирэ 45 мөл.солк. ылыаҕа.

Верхоянскай куорат бырайыагынан, манна «Үhүйээн» сквер тутуллар. Ааптар — эдэр архитектор Леонтий Туласынов. Кини саха норуотун национальнай култууратын көрдөрүөҕэ. Скверга дьон сылы эргиччи сынньалаҥа тэриллиэҕэ. Оҕо оонньуур, спортивнай былаһааккалардаах, үөһэнэн сабыылаах, олорор сирдээх, күүлэйдииргэ ыллыктаах буолара былааннанар. Манна дьаарбаҥкалар, бэстибээллэр ыытыллыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА