Ытыктабыллаах педагогтар, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтин үлэһиттэрэ! Күндү учууталлар! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Учуутал күнүнэн – идэлээх бырааһынньыккытынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Учуутал – хас биирдии киһи олоҕор ураты суолу хаалларар ытык киһи. Биһиги, сиппит-хоппут дьон, оскуолаҕа ииппит-үөрэппит дьоммутун махтана ахтабыт-саныыбыт.
Ытыктабыллаах педагогтар, учууталлар! Эһиги дойду үүнэр көлүөнэтин уонна ыччатын иитэн-үөрэтэн таһаарар бочуоттаах уонна уустук соругу толорор итэҕэллээх дьоммут буолаҕыт. Тугу барытын билэр-көрөр баҕалаах, сыалларын ситиһэр дьулуурдаах, онуоха эһигиттэн сөптөөх билиини уонна сатабылы ылар дьону иитэн, эһиги кэскилбит иһин эппиэтинэһи сүгэҕит. Бу судаарыстыба стратегическай соруга!
Бүгүн федеральнай таһымҥа үөрэх эйгэтин сайыннарыыга кэлим дьаһаллар ылыллаллар. Бу, бастатан туран, «Үөрэх» национальнай бырайыагы, «Земскэй учуутал» бырагырааманы көдьүүстээхтик олоххо киллэрии, Уһук Илин уонна Арктика педагогтарыгар ураты чэпчэтиилэри оҥоруу буолар. Быйыл Россия Президенэ Владимир Владимирович Путин бачыымынан кылааһы салайыы иһин харчынан көҕүлээһин эбии киирдэ.
Үөрэх эйгэтин сайыннарыыны инники күөҥҥэ тутуу – бу Саха Өрөспүүбүлүкэтин өр сыллаах үгэһэ, биһиги киэн туттуубут. Быйылгы дьыл төһө да уустук буолбутун иһин, биһиэхэ саҥа оскуолалар, оҕо саадтара тутуллан, үлэҕэ киирэллэр. Саамай үөрүүлэҕэ, быйыл ис тутулунан уонна техническэй хааччыллыытынан ханна да суох Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктика оскуолата аһылынна. Саха сирин араас муннуктарыгар сыл бүтүөр диэри өссө хас даҕаны үөрэх объега үлэҕэ киириэҕэ.
2020 сыл судургута суох быһыыга-майгыга ааһан эрэр. Эһиги, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, коронавируһу утары биир сомоҕо буоллугут диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Пандемия муҥутаан турар кэмигэр дистанционнай үөрэххэ түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык көһүүнү хааччыйдыгыт. Түрбүөннээх күннэргэ даҕаны үөрэх хаамыыта быстыбакка, биһиги оҕолорбут, ыччаппыт билиини ыла олорбуттара. Күндү доҕоттор, бу уһулуччу суолталаах!
Ол курдук биһиги туруоруммут былааммытын туох да уларытар кыаҕа суоҕар өссө төгүл итэҕэйдибит. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2024 сылга диэри үөрэх хаачыстыбатынан Россия 15 бастыҥ регионун ахсааныгар киирэр соругу туруорунар. Бу үрдүк кэрдиис иннибит диэки өрө тахсыыга, учууталлар маастарыстыбаларын үрдэтиигэ, билиини ыларга бастыҥ усулуобуйаны хааччыйыыга олук буолар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ орто анал үөрэх уонна үрдүкү оскуола сайдыытын саҥа хайысхатынан биһиги промышленнай салааҕа олохтоох каадырдары тардар соругу туруорабыт. Ыччаппыт өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар сир аннын баайын хостуур, таҥастыыр бөдөҥ хампаанньаларга үлэлиирин туһугар Саха сирин каадырдарын кыаҕын сайыннарыах тустаахпыт.
Доҕоттор! Биһиги иннибитигэр чахчы дьоһун соруктар тураллар, ол эрээри биһиги элбэҕи кыайыахпыт, ситиһиэхпит диэн эрэнэбин! Өссө төгүл эһиэхэ махтанабын! Хас биирдиигитигэр чэгиэн-чэбдик буолууну, тускулаах олоҕу уонна айымньылаах өрө көтөҕүллүүнү баҕарабын! Үөрэнээччилэргит үрдүк көрдөрүүлэринэн уонна билиигэ тардыһыыларынан эһигини мэлдьи үөрдэ турдуннар!
Күндү Учуутал, Эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбин!