23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сүүс нэһилиэккэ судаарыстыбаттан биирдии мөлүйүөннээх көмө үп тиийиэ

14:27, 17 мая 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ, ыам ыйын 16 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата «Дьон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналларын тэрийиигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн нэһилиэктэргэ атын бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы трансферт үбүн биэрии бэрээдэгин бигэргэтии туһунан» уураахха илии баттаата.


Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ бу уураахха олоҕуран, сүүмэрдиир куонкуруһу ыытарга бирикээс таһаарда.

Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, Ил Дархан Егор Борисов дьаһалынан 100 нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын үлэтин тэрийиигэ анаан 1-дии мөл. солкуобай кээмэйдээх көмө үп тиксэриллиэхтээх нормативнай актата  күн сырдыгын дьэ көрдө. Министиэристибэ тыа сирин уонна АПК тиһигэр инвестицияны, инновацияны сайыннарыыга департаменын салайааччыта Николай Петров быһаарарынан, маннык көмө түөрт сыл субуруччу оҥоһуллуо, ол гынан баран, биирдэ ылбыт нэһилиэк иккиһин киирсибэт. Сүүмэрдээһин биэс бааллаах тиһигинэн ыытыллар.

Сүрүн ирдэбил – нэһилиэк дьаһалтата дьон тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дьарыктаналларын хааччыйарыгар методическай сүбэлээһиннэргэ сөп түбэһэр бигэргэммит Былааннаах буолуохтаах. Ону тэҥэ, нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын хайа эмит хайысхатын ордук чорботон, идэтийиини тутуһара эмиэ аахсыллар. Холобур, хортуоппуйу үүннэриигэ, сылгыны иитиигэ. Николай Ильич этэринэн, эрдэтээҥи барылга түргэнник ситэр салааҕа уотурба атыыта көрүллүбэтэх эбит буоллаҕына, ол киллэриллибит. Өссө биир үчүгэй, сонун саҕалааһын толкуйдаммыт: хамыыһыйа хотугу улуустар нэһилиэктэрин видеоселектор көмөтүнэн сүүмэрдээһини тэрийиэҕэ. Сүүмэрдиир куонкуруска кыттарга сайабылыанньалары уонна докумуоннары департамент ыам ыйын 18 күнүттэн 26 күнүгэр диэри тутарын туһунан иһитиннэрэр.

Арба, 1 мөлүйүөн кимиэхэ туох сыалга бэриллэрий? Нэһилиэк элбэх иитимньилээх, кыра дохуоттаах кыаммат ыаллара сүөһү-сылгы, көтөр-хаас, хортуоппуй сиэмэтин, оҕуруот аһын үнүгэһин атыылаһалларыгар, хотоннорун саҥалыы оҥостоллоругар-өрөмүөннэнэллэригэр, көтөргө мини-инкубатор уонна куруолукка килиэккэ ылалларыгар, поликарбонат тэпилииссэ тутталларыгар уонна итиннэ сыһыаннаах тиэйии-таһыы ороскуотугар, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтигэр саппаас чаас булуналларыгар, тигээйи иитэр хаһаайыстыбаны тэринэллэригэр уонна сир астыылларыгар тоҥорор-харайар тэриллэри атыылаһалларыгар анаан бэриллэр.

Тустаах нэһилиэк иһинэн тэриллибит хамыыһыйа хас ыалга, кимнээххэ төһөлүү кээмэйинэн биэрэрин испииһэктээн бигэргэтэр. Ол гынан баран, биир ыал хаһаайыстыба тэринэригэр субсидия кээмэйэ 150 тыһ. солкуобайтан тахсыа суохтаах. Иккиһинэн, эрдэ субсидиянан туһаммыт дьон бу көмөҕө хапсыбаттар. Олорго бырабыыталыстыба 2011 с. ахсынньы 28 күнүнээҕи «Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун хааччыйар дьаһаллары олоххо киллэриигэ СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн үбүттэн үбүлээһин уонна ороскуоттааһын бэрээдэгин туһунан балаһыанньаны бигэргэтэр туһунан» 659-с №-дээх уонна 2016 с. ыам ыйын 12 күнүнээҕи «СӨ социальнай хантараакка олоҕуран, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ уонна кыра дохуоттаах соҕотох олорор дьоҥҥо судаарыстыба социальнай көмөтүн оҥорор туһунан балаһыанньаны бигэргэтэр туһунан» 137-с №-дээх уураахтарынан туһаммыттар киирэллэр.

Манна эбэн эттэххэ, нэһилиэк дьаһалтата бырайыагы көмүскүүр, онтон кыайар түбэлтэтигэр дьаһалта испииһэгинэн субсидия ылбыт ыаллар үбү туохха туттубуттарын отчуоттуур.

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА