1 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа аритмияны, ол эбэтэр сүрэх тэбиитэ кэһиллиитин, криоаблация диэн ааттанар тымнытыы көмөтүнэн эмтиир саҥа ньыманы тутталлар. Бүгүн балыыһаҕа тустаах технологиянан аан бастакы эпэрээссийэни оҥордулар.
Эпэрээссийэ кэмигэр ыарыһах наркоһа суох, илэ өйүнэн сытар. Быраастар сүрэҕин тэбиитин, уопсай туругун барытын көмпүүтэр нөҥүө көрөн кэтииллэр.
Ньыма сүрүн уратытынан, сүрэх тымырын иһинэн катетер киллэрэллэр. Салгыы ол иһинэн фрионнаах баллон уган үлүннэрэн, сүрэх сыыһа тэбиини оҥорор учаастага баар сиригэр, -50 °С кыраадыска тиийэ тоҥоруу оҥорон үлүтэллэр. Оччотугар сүрэх тэбиитэ кэһиллибэт.
Бу аныгы ньыма ыарыһах эпэрээссийэни ааһар бириэмэтин кылгатар, ону тэҥэ эмтээһин куттала суох барарыгар төһүү күүс буолар. 12 ыарыһах баарыттан бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаан аҕыс киһи эпэрээссийэлэннэ.
Криоаблация диэн ньыма Россияҕа тас дойдуттан 2016 сыллаахха киирбит. Саха сиригэр бу саҥа сүүрээнинэн сыл бүтүөр диэри 60-ча киһи эмтэниэхтээх, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха».