23 Ахсынньы 23.12
  • -33°
  • $ 102,34
  • 106,54

"Рособрнадзор" 2025 сыллааҕы эксээмэннэргэ булгуччулаах предметтэри эттэ

11:01, 23 декабря
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Үөрэх эйгэтигэр 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация дьаһалыгар улахан уларыйыылар суохтар. Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (ССЭ) уонна биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэни (БКЭ) Россия үөрэҕириитин министиэристибэтэ уонна «Рособрнадзор» бигэргэтэллэр, холбоһуктаах бирикээһинэн, суруйар «Парламентская газета».

Докумуонунан эксээмэн ыытыллыытын расписаниета таҕыста, күүһүгэр ахсынньы 22 күнүттэн киирэр. Ол туһунан «Парламентская газета» Рособрнадзортан биллэ.

Тохсус кылааһы бүтэрээччилэр ССэ-ҕэ уонна уон биирис кылааһы түмүктээччилэр БКЭ-ҕэ икки булгуччулаах предмети туттарыахтара — нуучча тыла уонна математика.

БКЭ-ни эрдэ туттарыы кулун тутар 21 — муус устар 21 күннэрэ, сүрүн туттарыы — ыам ыйын 23 — бэс ыйын 23 күннэрэ. Эбии — балаҕан ыйын 4 — 23 күннэрэ. Бу кэмҥэ саппаас күнннэри эмиэ киллэрдилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА