22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕэр Петр Чупров уолунаан бастыҥнарын туоһулаатылар

11:10, 08 апреля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу ый саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэтэнэр Аҕа күнүгэр сыһыары тутуллубут күрэстэһиигэ Таатта улууһун Туора-Күөлүн олохтооҕо Петр Чупров уолунаан Айыллаанныын кыайыы муҥутуур өрөгөйүн биллилэр.


Быйыл 17-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии Таатта Уус Амматын сиригэр-уотугар ыытылынна. Бу күн күрэстэһээччилэр үлэҕэ, спорт сорох көрүҥэр ким уйанын-хатанын тургутан көрдүлэр. Уопсайа аҕыс улуустан 10 аҕа уолаттарын кытта кытынна.

«Кэлиҥҥи икки сылга улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт Аҕалар күрэстэһиилэригэр куруук кыайыы үктэлигэр таҕыстыбыт. Инньэ гынан үөрүүбүт муҥура суох улахан», — диэн СИА-ҕа Петр Романович кэпсиир.

Петр Чупров этэринэн, Өймөкөөн курдук ыраах сиртэн тиийэ кэлбит аҕалар уолаттарын кытта ойбону алларыыга, остуолбаҕа ыттыыга, биатлоҥҥа, маһы суорууга, маһы эрбээн хайытыыга, бэйэни билиһиннэриигэ, билиигэ-көрүүгэ, о.д.а эрийсиилээхтик күрэстэспиттэр.

«Икки уол, икки кыыс оҕолордоохпун. Күрэхтэһиилэргэ билигин 9 кылааска үөрэнэр уолбун Айыллааны кытта кыттабын. Уолаттарбын үлэ, булт үөрүйэхтэригэр, сатабылларыгар батыһыннара сылдьан куруук үөрэтэбин-такайабын. Ол барыта түмүллэн улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ икки сыл субуруччу кыайыыга олук уурбута чахчы», — диэн кини СИА-ҕа эттэ.

Аҕа күрэҕин таһынан таатталар оҕону иитиигэ аҕа ылар оруолугар анаммыт семинары тэрийэн ыыттылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА