17 Муус устар 17.04
  • $ 76,09
  • 89,41

Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тосхолун дьүүллэстилэр

15:12, 17 апреля
Саха парламент саайт
Читайте нас на

Кини тосхол сүрүн сыала-соруга өр кэмнээх сыалы-соругу туруоруу, экэниэмикэ сайдарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, социальнай эйгэни бөҕөргөтүү, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии уонна тулалыыр айылҕабытын харыстааһын диэн билиһиннэрдэ. Тосхолу олоххо киллэрии кэмигэр хамсык дьаҥа тарҕаммыта, АБДь саҕаламмыта, Арассыыйаны сааҥсыйанан ыкпыттара, туруоруллубут сыалы-соругу ситиһэргэ кириисис мэһэйдээтэ эрээри, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ биллэрдик сайынна.

Бу тосхолго олоҕуран, судаарыстыбаннай бырагыраамалар оҥоһуллаллар, экэниэмикэ, киһи хапытаала сайдар, үлэлииргэ-олорорго табыгастаах эйгэ тэриллэр.

Сүрүн дакылааты СӨ Экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов оҥордо, ону таһынан, СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар, СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа, СӨ Дьиэҕэ-уокка, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа уонна энергетикаҕа министиэристибэлэрэ, СӨ Нэһилиэнньэтэ дьарыктаах буолуутун кэмитиэтэ туох үлэ ыытыллыбытын иһитиннэрдилэр.

KVA 1630

2025 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 34 улуус, 13 куорат, 41 куорат тииптээх бөһүөлэк, 586 нэһилиэк баар. Нэһилиэнньэ ахсаанынан Саха Сирэ Уһук Илин Приморскай уонна Хабаровскай кыраай кэнниттэн үһүс миэстэни ылар. Өрөспүүбүлүкүкэҕэ 1006 мөл. киһи олорор, онтон 67,8% куорат олохтоохторо, нэһилиэнньэ 39% Дьокуускайга олорор. Ойуур пуондата 256 мөл. тахса гаа сири ылар, мас саппааһынан Арассыыйа биэс бастыҥ эрэгийиэнин ахсааныгар киирэбит.

Саха Сиригэр баар айылҕа баайын сыаната АХШ дуолларынан 2-5 трлн., инникитин өссө үрдүүр чинчилээх. Эрэгийиэн Арассыыйа алмааһын 81% хааччыйар, дойду үрдүнэн ураан 50% тахса, хорҕолдьун 36% саппааһа манна баар. Өрөспүүбүлүкэ сыл ахсын таас чоҕу, ньиэби, гааһы, кыһыл көмүһү хостуурга уһулуччу үрдүк кирбиини көрдөрөр.

Экэниэмикэбит ресурнай-сырьевой көрүҥнээх, айылҕа баайын хостуур бырамыысыланнас өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуотун 70% тахсаны нолуок быһыытынан биэрэр. Сиртэн хостуур баайбытын таҥастыырга бородууксуйаны оҥорон таһаарыы улахан ороскуоттааҕа атахтыыр. Онон переработка кииннэрэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр үлэлииллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА