От ыйын 30 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 151 502 га сир охсулунна, манна 120 653 туонна от кэбиһилиннэ. Бу былаантан 25 %. Былырыын баччаҕа 14 тыһ туонна аҕыйах от бэлэмнэммитэ. От үлэтигэр барыта 32 тыһ киһи, 11 тыһ тыраахтыр үлэлиирин туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 471 тыһ. туонна от бэлэмнэниэхтээх. Ол эрэн сорох сирдэргэ кураан түһэн, сороххо төттөрүтүн угут дьыл туран, ойуур баһаардара, аһыыка мэһэйдээннэр былаан 89 % туолар туруктаах. Ол курдук Бүлүү, Сунтаар улуустарын сорох нэһилиэктэригэр оттуур сирдэр ууга бардылар, ойуур баһаарыгар Абый, Үөһээ Халыма, Эбээн-Бытантай, Орто Халыма ходуһалара былдьаннылар.
Тиийбэт от сорҕотун мобильнай биригээдэлэр оттоон көмөлөһүөхтэрэ. Кинилэр барыта 23 тыһ туонна кэриҥэ оту бэлэмниэхтэрэ.
Сорҕотун атын улуустар бэлэмниэхтэрэ: Кэбээйи (670 туонна), Абый (300 туонна), Ньурба (1500 туонна), Хаҥалас (500 туонна), Үөһээ Бүлүү (400 туонна).