«Дриптан» (оксибутинин) диэн урология салаатыгар наадалаах препараты оҥоруу боппуруоһун дойду хампаанньаларын кытары сүбэлэһиэхтэрэ, диэн Эдэр саас суруйар.
“Объясняем.РФ” саайт суруйарынан, от ыйыгар Арассыыйа эрэгийиэннэрин аптыакаларыттан Эмиэрикэ Abbott хампаанньата оҥорор “Дриптан» (оксибутинин) препарата сүтэ сылдьыбыта. Бу препарат систэрин тоноҕоһо эчэйиилээх уонна искэннээх, ону тэҥэ хабахтарын функцията кэһиллиилээх оҕолорго наадалаах. Хампаанньа бу препараты 2023 сыл сааһыгар диэри Арассыыйаҕа биэрбэтин туһунан иһитиннэрбит.
«Арассыыйаҕа эми оҥорооччулар терапияҕа барытыгар эмтээх препараттары оҥорор кыахтаахтар. Онон, маннык препараты оҥоруу боппуруоһа дойду эми оҥорооччуларын кытары дьүүллэһиллиэҕэ”, — диэн иһитиннэрдилэр.
Дьиҥэр, сокуон быһыытынан эми оҥорооччулар эбэтэр дистрибьютордар Арассыыйаҕа эмтээх препараттары аҕалыыны тохтотоллорун туһунан биир сыл инниттэн иһитиннэрэр эбээһинэстээхтэр. Онтон “Дриптан” препараты биэриини тохтотор туһунан иһитиннэрии РФ Доруобуйаҕа харыстабылыгар киирбэтэх. Онон, препараты аҕалыыны тохтотуу оҥорон таһаарыыга тахсыбыт харгыстарын кытта сибээстээҕин уонна быстах кэмнээҕин туһунан РФ Бырамыысылыннаска уонна эргиэҥҥэ министиэристибэтэ быһаарда.
Кэскиллээх технологиялары сайыннарыы Киинин чахчытынан, билигин Арассыыйаҕа 18 710 хаа оксибутинин баара биллибит.