22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгин олохтоохторо бырабыыталыстыба үлэтин биһирээтилэр

18:22, 05 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспөөбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын 2015 сыллаах үлэтин СӨ экономикаҕа миниистирэ Максимов В.И. отчуоттаата.

— Дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ экономическай балаһыанньа  уустугунан, 2015 сылтан улуустарга отчуоттар түөлбэлэрнэн ыытыллаллар.Туох сорудах, ирдэбил киирбитин боротокуолга тиһэн иһэбит.Бу маннык үлэ салҕанан барыаҕа.

Ааспыт сыллааҕы отчуоту ырытан көрөр буоллахха, 2014 сыл  атырдьах ыйыттан сыана уонна тариф уларыйыытын мониториннааһыҥҥа анал хамыыһыйа тэриллэн, өрөспүүбүлүкэҕэ аһы-үөлү, табаары, оттугу киллэрэр тэрилтэлэри кытары ыкса үлэлэстибит. Хас биирдии хайысхаҕа: социальнай, промышленнай, инфраструктураҕа анал хамыыһыйалар тэриллэннэр ый, нэдиэлэ аайы былаан быһыытынан экономика өттүгэр уонна дойдубутугар буола турар уларыйыыларга сөптөөх быһаарыыны ыларга үлэ ыытыллар. 2015 сыл түмүгүнэн РФ  үрдүнэн  сыана  уонна тариф ортотунан 15,5% үрдээтэ, биһиги  билгэлээһиммит 12,9%.Тэрээһииннээх хаһаайыстыбалар, тэрилтэлэр, муниципальнай тэриллиилэр өртүлэриттэн  үлэ түмүгүнэн 2015 с. сыана уонна тариф ортотунан  11,8 % үрдээтэ. 2014 сылы кытары тэҥнээн көрдөххө, инфляция ортотунан өрөспүүбүлүкэҕэ — 7,3% этэ.Бу маннык көрдөрүү хас биирдии киһиэхэ дьайара биллэр.

Экономическай сайдыы боппуруостарын ырытан көрөр буоллахха, экономика валовой регионнааҕы бородууксуйата 2% үрдээтэ.Атын регионнары кытары тэҥнээн көрдөххө 5% намтааһын баар.Уһук Илин регионнарга биир бастыҥ регионунан буоллубут, — диэтэ Валерий Иванович.

Салгыы Валерий Иванович былырыыҥҥы боппуруостарга тохтоон ааста.

— 2015-2016 сс. Чаппанда нэһилиэгэр “Үтүө  дьыала” программаҕа бастакынан оҕо саадын, эдэр специалистар олорор дьиэлэрин тутуу киллэриллибитэ. Билиҥҥи туругунан 4 квартиралаах дьиэ тутуллан, бу сылга үлэҕэ киирэрин иһитиннэрдилэр. Ааспыт сыллааҕыттан быһаарыллыбатах боппуруоһунан Чаппандаҕа котельнай тутуута буолар. Бу тутуу ОДьКХ ГУП инвестпрограмматынан барыан сөп. Ньурба улууһугар уот ситимин боппуруоһа сытыытык турар. 20-тан тахса трансформатор подстанциятын Ньурба улууһугар биэрэр туһунан ааспыт сыллааҕы отчуокка ылыныллыбыта. Нэһилиэктэргэ трансформатор подстанциялара кэлбиттэрэ, сорох сирдэргэ уокка холбоммуттара. Улуус туруорсар 220 күүрүүлээх уот линията билиҥҥэ диэри  быһаарыллыбакка турар. «АЛРОСА» хампаанньаттан  Ньурба улууһун уотунан хааччыйыыга этии киирбитэ. Билиҥҥитэ »АЛРОСА» АК, «Якутскэнерго»  кытары үлэ барар. Хаҥаласка, Чаппандаҕа  уу ситимин тардыы үбэ-харчыта быһаарыллан, аны сайын үлэ барыахтаах. Чаппандаҕа саҥа оскуоланы тутуу боппуруоһа быһаарыллан, 2016 с. бырайыактааһын үлэтэ саҕаланыа. Спортивнай-чэбдигирдэр саала тутуута кэнэҕэһин «Үтүө дьыала» программанан көрүллүөн сөп.

Баһаарга кыттыбыт дьон хамнастарын төлөбүрүн туруорсубуттара. Бу федеральнай бүддьүөт боломуочуйатыгар киирэр. Манна федеральнай структураны кытары үлэлэһэн, иэһи төлүүрү ситиһиэхтээхпит, — диэтэ.

Даамба тутуута 2016 с. былааҥҥа киирэн,  үбүлээһинэ көрүллүбүт.

Дьаархан нэһилиэгэр уматыкка  субсидирование боппуруоһугар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уматыкка туспа субсидия бэриллибэт диэн эппиэт биэрэрин эттэ. “Саһарҕа» хотон тутуутугар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө анал судаарыстыбаннай программанан көмөнү ылыахха сөбүн ыйда. Бүлүү трассатын, муоста тутуутун боппуруоһугар Марха өрүс муостатын тутуу күүскэ ыытыллыахтааҕын, үлэ былаан быһытынан 2018 сылга түмүктэниэхтээҕин, салгыы нэһилиэктэринэн ааһар суолларга асфаллааһын үлэтэ былаан быһыытынан барыахтааҕын иһитиннэрдэ.

Сибээс боппуруоһугар миниистир бу курдук хоруйдаата: “Алданынан, Өлүөхүмэнэн Мирнэйгэ диэри оптоволоконнай ситими тардыы бу сылга түмүктэниэхтээх. Инвестиционнай бырайыакка олоҕуран чааһынай хампаанньа Дьокуускайтан Магадаҥҥа диэри бэйэтин үбүнэн оптоволоконнай ситими тардан эрэр. Горнайтан Дьокуускайга диэри оптоволоконнай ситими тардыыга сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ. Мирнэй уонна Горнай релейнэй ситимин босхолоотохторуна, Бүлүү эҥээр улуустарга, чуолаан Ньурбаҕа сибээс тупсуоҕа».

Быйылгы сылы Ил Дархан Борисов Е.А. Тупсарыы сылынан биллэрбитэ. Манна сыһыаннаах боппуруоска СӨ ОДьКХ министиэристибэтин депратаменын салайааччы Лазарев А.В. эппиэттээтэ: “131 №-дээх ФС олоҕуран бөһүөлэктэр тас көстүүлэрин, суолларын-иистэрин тупсарыыга анаан оҥоһуллубут сокуон. Ууну ыраастааһыҥҥа Ньурба улууһугар үлэ ыытабыт, бырайыактааһына саҕаланан, 2017-2018 сылларга тутуута саҕаланыахтаах».

Октябрьскай нэһилиэгэр буолбут көрсүһүүгэ сотору кэминэн үлэҕэ киириэхтээх реабилитационнай отделение, амбулатория, уот харчытын төлөбүрүн, Кыталыктаахха баар мас муоста Бүлүү федеральнай суолугар киирэринэн, ону өрөмүөннээһини бырайыакка киллэрии,  Герой-ийэҕэ сыһыаннаах, “Уһук Илиҥҥи гектар”, Ньурба оройуонугар Сүгдьээр күөлүгэр дэҥҥэ көстөр күөл статуһун биэрии, кириисис туһунан боппуруостар бэрилиннилэр. Бу боппуруостарга СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин управлениетын сүрүннүүр специалиһа Павлова Т.Ю., киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Григорьев В.Н, СӨ эдэр ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатыгар миниистири бастакы солбуйааччы Семенов Г.И., СӨ айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Сивцев Я.С. хоруйдаатылар. Гемодеализка көрдөрө барааччыларга куоракка социальнай дьиэ туһунан ыйытыыга СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин департаменын салайааччы  Николаева М.А. эппиэттээтэ.

Дьаархан нэһилиэгин олохтоохторо ааспыт сылга Марха өрүс кытыытынааҕы бөҕөргөтөр үлэни бырайыактааһыны, ФАПК линиятынан 100 сүөһүгэ анаан хотон тутуутун Данчикова Г.И. дьаһалыгар олоҕуран туруорустулар. Хотон тутуутугар көрүллүбүт үп ааспыт сылга  нэһилиэккэ кэлбэтэҕин этэн туран, нэһилиэк бэйэтин күүһүнэн хотон туппутун, тутууга бэриллиэхтээх үбү соҕотуопкалыыр мини-собуокка көһөрөллөрүгэр эттилэр.

Мантан салгыы  доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕириигэ, социальнай эйгэҕэ, үлэнэн хааччыйыыга, 10 бырыһыаннаах акцияҕа, саха конгреһыгар, Октябрьскай нэһилиэккэ саҥа кулууп тутуутугар сыһыаннаах боппуруостарга сөптөөх хоруйдары ыллылар. Кэлэр өттүгэр түөлбэлэринэн буолбакка, биирдиилээн нэһилиэктэринэн отчуоттуулларыгар туруорустулар.

Ситэриилээх былаас отчуотун баһыйар үгүс куолаһынан биһирииллэрин биллэрдилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА