Саха сиригэр тыл сэбиэтин чилиэнэ Ньукулай Павлов-Халан: «Михаил Ефимович Николаевы саха омуга “биһиги бастакы бэрэсэдьиэммит” диэн ааттыыр, дуоһунаһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсэдьиэнэ диэбэт, “Биһиги бастакы бэрэсэдьиэммит”, — диир. Бу кистэлэҥэ туохха сытарын учуонай СИА-ҕа быһаарда.
— Бу кистэлэҥэ туохха сытарый диэтэххэ, Михаил Николаев саха омугар “Дьоһуну” биэрбит, атын омуктары кытта тэҥҥэ сананар кыаҕы, биһиги бэйэбит кэскилбитин бэйэбит көрүнэр кыахтаахпыт эбээт, диэн санааны сахпыт, сахалар өбүгэлэрбит баай утумугар өйөнөн сириэдийэ сайдар кыахтаахпыт, диэн санааны сахпыт киһи буолар.
Кини уон сыл өрөспүүбүлүкэни салайбыт кэмигэр тылы өйүүргэ сүдү уларыйыылар киирбиттэрэ. Бу оскуолаҕа национальнай концепция, “Көрүк” диэн ааттаммыт хамсааһын олоххо киириитин ылан да көрүҥ. Ити концепция саҕана үөрэммит оҕолор билигин улаатан, үлэһит буолан, экэниэмикэни эрэ буолбакка, саха тылын араас эйгэлэргэ сайыннара, тарҕата сылдьаллар.
Сайдыбат тыл улугурар… Биир бииргэ үөрэммит кыыһым, быраас үөрэхтээх киһи бу күннэргэ эттэ ээ, “Кини саҕана биһиги киин куораппытыгар, Дьокуускайга сахалыы саҥарар кыахтаммыппыт”, — диэн. Аҥаардас итинтэн да, киһи Михаил Ефимович бу тугу гыммытын ырылыччы көрүөн сөп. Кини ыйааҕынан 1996 сылтан Ийэ тылбыт күнүн далааһыннаахтык бэлиэтиибит. Кини саҕана билигин 30 сылын бэлиэтиир тыл туһунан сокуоммут үлэҕэ киирбитэ, кини саҕана тыл бэлиитикэтэ диэн өйдөбүл киирэн, тылбытыгар судаарыстыба болҕомто уурар, сайыннарар буолбута. Ол иһин, Михаил Ефимович Николаев саха тыла сайдыытыгар оҥорбут сүдү үлэтин, саха ааттаах киһи үйэлэр тухарын умнуо суоҕа, — диэтэ Халан.
Бэлэмнээтэ: Мария Горохова