Тохсунньу 25 күнүгэр Хара нэһилиэгэр кэпсэтии бэрт сэргэхтик уонна аһаҕастык барбыта бэлиэтэннэ. Олохтоохтору долгутар боппуруоһунан, ханна баҕарар буоларын курдук, бастатан туран, Уһук Илиҥҥэ биирдии гектардаах сири түҥэтии тиэмэтэ таарылынна. Онон Ил Түмэн депутаттара ити боппуруоска бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, дьону-сэргэни бэйэлэрин сирдэрин бас билэллэрин туһунан туоһулуур докумуоннары түргэнник оҥоттороллоругар сүбэлээтилэр.
Отчуоттааччылар Ил Түмэҥҥэ үлэ-хамнас хайдах баран иһэрин, Саха сирэ кэнники сыллар көрдөрүүлэринэн, дойду үрдүнэн 10 бастыҥ регион ахсааныгар киирсибитин эттилэр.
Юрий Баишев элбэх оҕолооохторго сокуоннары тобуларга туох-ханнык уустуктар баалларын ыйда. «Спорт эйгэтигэр Уһук Илиҥҥи региоҥҥа Саха сирэ биир бастыҥнара буолар итиэннэ саха төрүт оонньууларын тарҕатыыга сүрүн тосхоллор, былааннар ылылыннылар», — диэн эттэ. Кини өрөспүүбүлүкэ таһымыгар мэҥэлэр үгүс ситиһиилэрдээх спортивнай улуус аатын сүкпүттэрэ түбэһиэхчэ буолбатаҕын — улуус баһылыга Николай Старостин, Ходоро нэһилиэгин баһылыга Алексей Васильев спорду бастыҥ тарҕатааччылар буолалларын, Василий Егоров улахан дьоҥҥо, Алексей Копылов оҕолорго бастыҥ спортсмен ааттарын ылбыттара элбэҕи этэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Николай Дмитриев Хараҕа спортивнай саала тутуллуутун 40-тан тахса сыл кэриҥэ кэтэспиттэрин кэпсээтэ. Депутаттар спортивнай сааланы туттарыыны ханнык бырагыраамаҕа киирсиэн сөптөөҕүн үөрэтэр үлэ бара турарын билиһиннэрдилэр. Билиҥҥи туругунан, саала көҥдөйө бүтэригэр үп-харчы баар эбит уонна элбэх спортсмены иитэн таһаарбыт, Саха сиригэр үчүгэй көрдөрүүлээх нэһилиэк спортивнай саалаланарыгар үлэлэһэбит диэн эттилэр. Биллэрин курдук, кэнники сылларга улууспутугар олорор дьиэлэр, оскуолалар тутуллууларыгар депуттаттарбыт таһаарыылаах үлэлэрэ-хамнастара улахан оруолу ылар.
Хара нэһилиэгин олохтооҕо Владимир Аргунов үүт харчытын үрдээһинин, оскуола дириэктэрэ Николай Бугаев үлэһиттэргэ сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар барар-кэлэр борогуоннарын, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ Дмитрий Дмитриев олорор дьиэлэри кииннэммит ититэр ситимҥэ холбооһуну, «Мыла» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Дмитрий Назаров сэлии муоһун (мамонт) хостооһунун уонна көмүһү лотуогунан суурайан ылыы курдук бүтүн сахалары долгутар боппуруостары туоһуластылар.
Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова уонна оройуоннааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин, улуус олохтоохторун ааттарыттан турбут депутаттары кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииллэрин эттилэр. Кинилэр норуокка чугас, дойдуларыгар бэриниилээх буоланнар кыһалҕалаах боппуруостары тэҥҥэ быһаарса олороллоруттан үөрэллэрин уонна махтаналларын биллэрдилэр.
Норуот депутаттара Юрий Баишев уонна Александр Романов тохсунньу 26 күнүгэр Мэлдьэхси, Хорообут нэһилиэктэригэр, тохсунньу 27 күнүгэр Хочоҕо, Тиэлигигэ, Чыамайыкыга уонна тохсунньу 29 күнүгэр Өлөчөйгө уонна Бүтэйдээххэ сылдьан, олохтоохтору кытта көрсүөхтэрэ.