Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатыра Ийэ сылын «Ытык ийэ» испэктээгинэн арыйда. Уус Алдан улууhун Мүрү нэһилиэгэр В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар испэктээги үстэ көрдөрдүлэр.
2022 сылы Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылынан биллэрбитэ. Тыйаатыр бу дьаһалы биһирээн, Бороҕоҥҥо саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит киэҥ-куоҥ, сырдык, сылаас култуура уораҕайыгар «Ытык ийэ» испэктээгинэн арыйда.
Наһаа тупсаҕай дыбарыас тутуллан дьэндэйэн тахсыбыт. Бу буолар Сахабыт сирин сайдыытын биир чаҕылхай туоһута.
«Ийэ диэн биһиэхэ олох биэрээччи, аан бастаан хаамарга, саҥарарга үөрэтээччи күндүттэн күндү киһибит буолар. Ханнык баҕарар омукка Ийэ диэн кэрэттэн кэрэ, күндүттэн күндү тыл. Ийэ диэн биһигини олох суолугар сиэтэн киллэрээччи, көнө суолунан барарбытыгар сүбэлээччи, ыйан-кэрдэн биэрээччи олохпут арахсыспат аргыһа. Киһиэхэ туох баар үтүөтэ барыта күн сылаас уотуттан уонна Ийэ үүтүттэн бэриллэр. Ийэлэрбитин харыстыаххайыҥ, таптыаххайыҥ, кинилэргэ сүгүрүйүөххэйиҥ«, — диэн суруйдулар СИА-ҕа тыйаатыр үлэһиттэрэ.