Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев пресс-кэмпириэнсийэтин кэмигэр эппитинэн, парламент сокуон оҥорор уонна ылынар кэмигэр нэһилиэнньэ интэриэһин учуоттуур, суруйда ЯСИА.
«Сокуону оҥоруу үлэтэ — специфическай. Бары уопсастыба интэриэһин учуоттуохтааххын. Араас санаа уонна өйдөбүл, толкуй баар буолар: ким эрэ төрдүттэн бобуон, холобур, итирдэр утаҕы эбэтэр табахтааһыҥҥа административнай кэһиилэри оҥорууну. Ортотун булуохха наада, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин улахан аҥарын интэриэһин учуоттаан», — диэтэ Алексей Еремеев.
Кини санаатынан, бу сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатын муниципальнай былаас боломуочуйатыгар бэриллии сокуона ордук сөптөөхтүк оҥоһулунна.
Санаттахха, Алексей Еремеев эрдэ парламент сылга 300-чэ нуорма аактатын ылыммытын эппитэ.