Онно Д.И. Зезюлин 2015 с. ахсынньы 3-5 күннэригэр Гонкоҥҥа ыытыллыбыт «IIDC» быыстапкаҕа көмөтүн уонна актыыбынай кыттыытын иһин Егор Мухиҥҥа махталын тиэрдибит.
Сурукка Егор Петрович бэрт кылгас кэмҥэ быыстапкаҕа бэлэмнэниигэ уонна кыттыыга улахан үлэни оҥорон, бэйэтин үрдүк таһымнаах специалист быһыытынан көрдөрбүтүн туһунан этиллэр.
«Кулууп стендэлэригэр туруоруллубут экспонаттар үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥоһуллан быыстапка ыалдьыттарын болҕомтотун тартылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ньурба оройуонун «Оҕо научнай-техническэй айымньытын киинэ» МАУ ДО бырайыага — «Тоҥсоҕой» универсальнай станок норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка экспертэринэн үрдүктүк сыаналанна», — диэн туран, салон президенэ инникитин даҕаны дьыалабыай сыһыаннаһыылары салҕаан, регионнааҕы оҕо научнай-техническэй айымньытын киинин кытта бииргэ үлэлэһэргэ эрэлин биллэрбит.