«Салайааччылар Токиоҕа буолуохтаах Оонньуулар бу дьалхааннаах кэмҥэ эрэли үөскэтэр маяк буолан, олимпийскай Уот туннель түгэҕэр сырдык уот буолан көстүөхтээҕин эттилэр. Онон Уот Японияҕа хаалара ордук диэн быһаардылар. Маны сэргэ күрэхтэһии аата эмиэ оннунан хаалар буолла: Олимпийскай уонна Паралимпийскай Оонньуулар Токио 2020», — диэн МОК релиһыгар суруллар.
Норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэт (МОК) 2021 сылга Токиоҕа буолуохтаах сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулары пандемиянан сибээстээн көһөрдө. Кэмитиэт пресс-сулууспата иһитиннэрдэ диэн ТАСС суруйар.
Токиотааҕы сайыҥҥы Оонньуулар быйыл от ыйын 24 күнүттэн атырдьах ыйын 9 күнүгэр диэри ыытыллыахтаахтара. Оптуорунньукка Япония премьер-министрэ Синдзо Абэ уонна МОК президенэ Томас Бах телефонунан кэпсэттилэр. Премьер Олимпиаданы 2021 сылга көһөрөргө эттэ.