22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мишустин ипотека ыстаапката салгыы өссө түһэр кыахтааҕын эттэ

18:01, 30 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Премьер-миниистирэ Михаил Мишустин ипотека ыстаапката салгыы түһэр кыахтааҕын эттэ, ТАСС суруйар.


«Ыам ыйыгар, Россия Баанкатын дааннайынан, ыстаапка ортотунан 7,4%-ҥа диэри түспүтэ, билигин салгыы түһэрэр кыах баар, манна 6,5%-наах  чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата олук уурар«, — диэтэ Мишустин.

Премьер-миниистир эппитинэн, Россия олохтоохторугар ипотеканы чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа биэрэр кыаҕы кэҥэтии баар. Манна сөптөөх бырабыыталыстыба уурааҕар илии баттаммыт.

Москва, Санкт-Петербург, Москва уонна Ленинград уобаластарыгар чэпчэтиилээх ипотека кирэдьиитэ 8 мөл солк-тан — 12 мөл солк диэри тириэрдилиннэ. Бырабыыталыстыба баһылыга эбэн эппитинэн, атын регионнарга 3 мөл солк-тан 6 мөл солк диэри суумата таһаарылынна.

Бу уларыйыыларынан дьон саҥа тутулла турар дьиэлэргэ кыбартыыра ылан, олорор усулуобуйаларын тупсарыахтаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА