22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Массыына техкөрүүтүн ыытыы саҥа быраабылаларын туһунан уураахха илии баттанна

16:01, 24 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин массыынаны техническай көрүүнү ыытыыга саҥа быраабылалар тустарынан уураахха илии баттаата. Докумуон быраап информациятын интернет-порталыгар бэчээттэннэ.


“Уурааҕынан бигэргэтиллибит саҥа быраабылалар “О внесении изменений в федеральный закон “О техническом осмотре транспортных средств и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ и отдельные законодательные акты РФ” федеральнайдааҕы сокуон олоххо киирииитин кытта тэҥҥэ күүһүгэр киирэллэр. Алта сыл үлэлииллэр“, – диэн суруллар докумуоҥҥа.

Урут суруйбуттарынан, 2019 сыллаахха Госдуумаҕа Техкөрүү реформатын туһунан сокуон бырайыага ылыллыбыта. Манна ОСАГО полиһын кытта тэҥҥэ диагностикалыыр каартаны ылыы практиката этиллэр. Реформа диагностикалыыр каарталар электроннай көрүҥҥэ көһүүлэрин, булгуччулаах хаартысканан бигэргэтиини, каартаны атыылыыр хампаанньаларга ыстыраап үрдээһинин, техкөрүүтэ суох айанныыр суоппардарга ыстыраап туһунан этэрэ. Саҥа киллэрии 2020 сыл бэс ыйын 7 күнүттэн үлэлиэхтээҕэ, ити эрээри  коронавирус пандемията мэһэйдээн, 2021 сыл кулун тутар 1 күнүгэр көһөрүллүбүтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА