Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Саха сириттэн алтыс киһи Арассыыйа Дьоруойа буолла. Майор Николай Соболев РФ Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын ылла. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Николай Дьокуускай куорат 3-с №-дээх оскуолатыгар үөрэммитэ, Владислав Фелькер аатынан байыаннай-спортивнай кулууп иитиллээччитэ этэ. Оскуоланы бүтэрэн баран маршал Рокоссовскай аатынан Уһук Илиҥҥи үрдүкү уопсай байыаннай училищеҕа туттарсан киирбитэ.
Байыаннай дьайыыга 2022 сыл олунньутуттан сылдьар. Сулууспатын кэмигэр «За мужество» уордьанынан, «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
«Ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Саха сирэ киэн туттар! Кыайыыга иннибит диэки!» — диэн Айсен Николаев үөрүүтүн бар дьонун кытта үллэстэр, суруйда Саха сирэ саайт.