Өлөөн оройуонугар “Эрэл” салайар хампаанньа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хомунаалынай бөхтөрүн көҥүлэ суох тохпут.
Өлөөн сэлиэнньэтиттэн бөх тоҕор сиргэ 1680 куб.м. тиэйиллибит. Борокуратуура этэринэн, маны көҥүллээх ыытар ирдэнэр. Онон юридическай сирэйгэ административнай дьыала көбүтүлүннэ.
СИА.