Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуута былааннаммыт болдьоҕун иннинэ бүтүөн сөп. Боппуруос федеральнай таһымҥа дьүүллэһиллэр, суруйар СИА.
«Балтараа — икки нэдиэлэ анараа өттүгэр РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин таһымыгар мунньах буолла. Биһиги кэллиэгэлэрбит Россия тырааныспарын министиэристибэтиттэн Саха сирин өрүһүн туоруур муостаны болдьоҕун иннинэ тутан бүтэрэр туһунан — 2024 сыл от ыйын 1 күнэ — кэпсэттилэр», — диэтэ быһа эфиргэ регион тырааныспарга миниистирэ Владимир Сивцев.
Биэдэмистибэ баһылыга быһаарбытынан, федеральнай таһымнаах быһаарсыыга айылҕабыт, килиимэппит усулуобуйата, сылы эргиччи тутуу матырыйаалын уонна да атын техническай малы таһарга кыах суоҕа киллэрилиннэ. Саха сириттэн ырытыллыбыт этиилэр наадалар. «Производственнай бырассыаһы өйдүүбүт, ыарахаттардаах, ити эрээри биһиги бу боппуруоһу оҥоруохпут. Россия минтраһын уонна Росавтодору кытта федеральнайдааҕы үбүлээһини ылыыга бюджетнай сайаапканы толорууга күүскэ үлэлиибит», — диэтэ Сивцев.
Санатар эбит буоллахха, Өлүөнэ муостатын тутуу кэлэр сылга саҕаланыахтаах, үлэҕэ 2025 сылга киллэриллиэхтээх.
Сиһилии: https://ysia.ru/mintrans-yakutii-most-cherez-lenu-mozhet-byt-postroen-ranshe-namechennyh-srokov/