Быыһааччылар бөлөхтөрө балаҕан ыйын 25 күнүгэр Өймөкөөҥҥө сүппүт Eurocopter бөртөлүөтү көрдөөһүҥҥэ хаттаан көттүлэр. Ми-8МТВ «Полярные авиалинии» АХ көтөр аала туһаныллар, диэн СИА-ҕа хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
««Полярные авиалинии» АХ Ми-8МТВ бөртөлүөтэ Өймөкөөҥҥө сүппүт Eurocopter-ы көрдүү көттө. Экипаж быһааччылар бөлөхтөрүн кытта «Якутск» аэропортан Россия ЫБММ Хабаровскайдааҕы авиационнай-быыһыыр киинин сайаапкатынан көттө», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
Санатар эбит буоллахха, «Полярные авиалинии»АХ Ми-8МТВ көтөр аала балаҕан ыйын 18-тан 20-гэр диэри көрдөөһүн үлэтигэр сылдьыбыта.