Ил Түмэҥҥэ Усуйаана Хайырыгар уонна Эбээн-Бытантай Кустууругар оскуола тутууларын кэпсэттилэр. Мунньаҕы норуот дьокутаата Елена Голомарева салайан ыытта.
Үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев тохсунньуга уокка былдьаммыт Кустуур оскуолата ЛСТК матырыйаалынан тутуллуон, билигин бырайыактыыр үлэ торумнана сылдьарын эттэ. Мунньах кыттыылаахтара бырайыагы уталыппакка оҥороллорун, харчытын бүддьүөт саппаас чааһыттан көрөрү эттилэр.
Миниистири солбуйааччы Владимир Тихонов билигин 109 үөрэнээччи «Кэнчээри» оҕо саадыгар үөрэнэ сылдьалларын, 57 оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ олохтоох култуурунай-спортивнай комплекс самалык дьиэтигэр көспүттэрин иһитиннэрдэ.
Хайыр нэһилиэгэр тутуллуохтаах инвестиционнай бырагыраамаҕа киирбит оскуола-саад эрдэ оҥоһуллубут бырайыагынан 50 оскуола үөрэнээччитигэр, 10 оҕо саадын иитиллээччитигэр суоттаммыт. Билигин олохтоохтор 80 миэстэлээх оскуоланы итиэннэ 40 миэстэлээх оҕо уһуйаанын туруорсаллар.
Мунньахха кыттыыны ылбыт Хайыр нэһилиэгин баһылыга Борис Сыроватскай билигин оскуолаҕа 56 үөрэнээччи үөрэнэрин, оҕо саадыгар 29 иитиллээччи сылдьарын иһитиннэрдэ. Баһылык этэринэн, нэһилиэккэ төрөөһүн үрдүү турар. Кини урут 50 уонна 10 оҕоҕо былааннамыт оскуола-саад бырайыагын улаатыннарары туруоруста.