22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ийэ хапытаалын туһанарга сайабылыанньа эрэ ирдэнэр буолуоҕа

14:47, 13 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россияҕа ийэ хапытаалын ылыы бэрээдэгин чэпчэтиэхтэрэ. Хапытаалы туһанарга Пенсионнай пуондаҕа биир эрэ сайабылыанньа биэрии ирдэнэр буолуоҕа. Бу туһунан «Парламентскай хаһыат» иһитиннэрэр.


Пенсионнай пуонда быһаарыы ылар болдьоҕо 15 күҥҥэ тиийэ кылгатыллара этиллэр. Ону тэҥэ биэдэмистибэ ийэ хапытаалын туһаныы бэрээдэгин уларытары былаанныыр. Дойду үлэҕэ министиэристибэтэ бэлиэтииринэн, дьиэ кэргэн үксүн бу төлөбүрү дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга туһанар.

«Саҥа бэрээдэк судаарыстыбаннай тэрилтэ ипотеканы биэрэр, эбэтэр рефинансирование оҥорор бааннары уонна кредитнэй тэрилтэлэри кытта хардарыта дьайсыытын учуоттуур. Олохтоохтор пенсионнай пуонда уонна кредитнэй тэрилтэлэр икки ардыларыгар сүүрэллэрэ тохтуоҕа», — диэн Россия үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистирэ Антон Котяков эттэ.

Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Сүбэ мунньахха анал туһаайыытыгар ийэ хапытаала аны бастакы оҕо төрөөһүнүгэр көрүллэр буоларын уонна бырагыраама болдьоҕун 2026 сылга диэри уһатар туһунан эппитэ, диэн суруйар НВК «Саха».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА