15 Тохсунньу 15.01
  • -41°
  • $ 103,44
  • 106,25

Эми оҥорор хампаанньалар моҥкурууттуур кутталлаахтар

16:18, 29 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тумуу уонна ОРВИ кэмигэр дьаҥтан харыстыыр боростуой мааскалар уонна инфекцияны утары охсуһар эмтэр аптекаларга суох буола түспүттэрэ.


Омук сиригэр уонна Россияҕа оҥоһуллар чэпчэки да, ыарахан да сыаналаах эмтэри аҕалыы харгытааһына күннээҕи көстүүгэ кубулуйар. Дойду президенэ Владимир Путин манна бырабыыталыстыба болҕомтотун ууруохтааҕын, хонтуруолга ылыллыахтааҕын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Эмп аҕыйаабытыгар Россия кэккэ эмтэри тастан киллэриигэ санкцияны биллэриитэ, омук эмтэрин Россияҕа оҥоһуллар эминэн солбуйарга холонуута улахан оруолу оонньоотулар. Хомойуох иһин, билиҥҥитэ биһиги промышленноспыт ону кыайар кыаҕа суох. Онон испэсэлиистэр 2016 сылга балаһыанньа тупсуо диэн эрэннэрбэттэр. Төттөрүтүн, салгыы сытыырхайыа диэн куттууллар.

Саамай улахан кыһалҕанан олоххо ордук наадалаах эмтэр (ЖНВЛП) испииһэктэрэ буолла. Маннык эмтэри оҥоруу ороскуота (2 төгүл ыараабыт омук субстанцияларын суотугар) улаатта. Оттон сыаната уларыйбатын кэриэтэ. Тоҕо диэтэххэ, сыананы судаарыстыба хонтуруоллуур. Сокуон быһыытынан, 8-10% эрэ улаатыннарар көҥүллэнэр. Ол иһин, оҥорон таһаарааччылар хоромньулаахтых үлэлиэхтэрин кэриэтэ ити эмтэр испииһэктэрин көҕүрэтэллэрэ уонна олох да оҥорботторо барыстаах буолуох курдук. Эмп бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар ассоциацияларын чилиэннэрэ – олоххо ордук наадалаах 696 араас эми оҥорор 15 тэрилтэ 59 чэпчэки сыаналаах эми оҥорорун тохтотто. Өссө да барыһы аҕалбат 80 араас эми тохтоторго былаанныыллар.

Эми оҥорор хампаанньалары ордук наадалаах эмтэри тиһигин быспакка оҥоро туралларыгар хантараактары түһэрсэргэ эбээһинэстииллэр. Дьиҥэр, ити эми оҥорор хампаанньалар таһаарар хоромньуларын судаарыстыба төлөһөр эрэ буоллаҕына кыаллар кыахтаах. Судаарыстыба көмөлөспөтөҕүнэ, өссө да элбэх тэрилтэ моҥкуруттуур кутталлаах. Федеральнай антимонопольнай сулууспа (ФАС) олоххо-дьаһахха ордук наадалаах эмтэр сыаналарын 5 солкуобайынан үрдэтэргэ РФ бырабыыталыстыбатыгар көрдөһүү сурук ыытта.

Росстат статистикатынан:

2015 сылга (2014 сылы кытта тэҥнээтэххэ) оҥорон таһаарыы аҕыйаата:

– антибиотиктары – 6,6-8,7%;

– сүрэх препараттарын – 2,6-8,5%;

-​ искэн ыарыылаахтар эмтэрин – 16,7%.

(Киин хаһыаттар матырыйаалларынан).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА