Ахсынньы 21 күнүгэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра үлэтин «Өрүү тыыннаахтар» испиктээҕи көрдөрүүттэн саҕалыа. Испиктээх «Өйдөбүл уонна Албан аат» сылын түмүктүө.
Испиктээххэ аҕыйах артыыс кыттар, саалаҕа 50 көрөөччү киириэ.
Ахсынньы 24 – 30 уонна тохсунньу 2 — 7 күннэригэр оҕолорго «Ый бэлэҕэ» диэн саҥа дьыллааҕы оонньууну көрдөрүөхтэрэ. Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ 5-6-лыы оҕону сайаапканан киллэриэхтэрэ.
Интернет ситимин нөҥүө тыйаатыр Корней Чуковскай «Муха Цокотухатын» көрдөрүө.
Ахсынньы 13 күнүгэр киэһэ 18:00 чаастан тыйаатыр YouTube ханаалыгар «Алексей Павлов уонна Наара суохтар» көрдөөх кэнсиэрдэрэ буолуо.
Тэрээһиннэр харыстаныы бары ирдэбиллэрин тутуһан буолуохтара.