22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга бөх быраҕар баах кэннигэр эттэммит киһи өлүгүн буллулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Дьокуускайга Лермонтов уулуссатын 138/2 аадырыска, элбэх кыбартыыралаах дьиэ бөх быраҕар баахтарын кэннигэр, эттэммит киһи өлүгүн буллулар.

«Киһи эттэммит өлүгүн бүгүн күнүс булбуттар. Миэстэтигэр полиция үлэлиир»,-диэн Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Саха сирин Силиэстийэлиир кэмитиэтигэр толору силиэстийэлиир үлэ ыытылларын туһунан иһитиннэрдилэр. Ымпыгын-чымпыгын туһунан кэлин биллэриэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА