Дьокуускайга олунньу 12 күнүгэр анал байыаннай дьаһалга кыттар байыас дьиэ кэргэнэ, баһаар түмүгэр, дьиэтэ суох хаалбыта. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев саҥа дьиэни тутарга сорудахтаата.
«Биир ньыгыл Россия» баартыйа уопсастыбаннай приёмнайыгар Айсен Николаевка толоруулаах кэмитиэт салайааччыта Руслан Платонов ыал докумуоннарын уонна олорор дьиэлэрин чөлүгэр түһэриигэ бары күүһү-кыаҕы оҥороллорун кэпсээтэ. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
«Байыаннай сулууспаҕа сылдьар байыас дьиэ кэргэнигэр саҥа дьиэ тутарга. Билигин кинилэри сылаас таҥаһынан уонна гуманитарнай көмөнөн хааччыйарга», – диэн сорудахтаата Айсен Николаев.
«Бырабыыталыстыба өттүттэн эмиэ өйөбүл баар буолуоуҕа, бэрэссэдээтэлгэ сорудах бэрилиннэ», – диэтэ регион баһылыга.
Тутуу баартыйа көхтөөх чилиэннэринэн, депутаттарынан, «Спецназ добра» уонна «Молодая Гвардия Единой России» уопсастыбаннай тэрилтэ байыастарынан ыытыллар. Сылыйда да үлэ саҕаланарын, сайын дьиэ кэргэн саҥа дьиэҕэ киирэрин Руслан Платонов иһитиннэрдэ.