Дьокуускай куорат поликлиникалара тохсунньу 18 күнүттэн, суукканы быһа үлэлиир режимҥэ көһүөхтэрэ, диэн СИА-ҕа республика вице- премьерэ Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, поликлиникаларга эрийэр дьон ахсаана элбээн иһэр. «Бүгүн тестовай режим быһыытынан поликлиникалар бары 122 нүөмэргэ көһүөхтэрэ«, — диэтэ Ольга Балабкина.
Коронавирус инфекцията түргэнник тарҕанарын иһин, «122» информационнай-справочнай сулууспа кылгас нүөмэрэ РФ бары регионнарыгар Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан киирдэ.