«Якутск» аэропорт иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 1 уонна 2 күннэригэр тэрилтэ өрүүр.
Ахсынньы 31 күнүгэр пассажирскай терминал 14 чааска диэри аһаҕас. Тохсунньу 1 уонна 2 күннэрэ — өрөбүллэр. Тохсунньу 3 күнүгэр аэропорт үлэтэ 04:00 чаастан саҕаланар.
Ахсынньы 31 күнүгэр грузовой терминал 14 чааска диэри үлэлиир. Тохсунньу 1 уонна 2 күннэрэ — өрөбүллэр. Тохсунньу 3 күнүгэр терминал үлэтэ 08:00 чааска саҕаланар.
Кыра кээмэйдээх таһаҕас ылар «түннүк» аэровокзалга ахсынньы 31 уонна тохсунньу 1 — 8 күннэригэр үлэлээбэт. Тохсунньу 9 күнүттэн өҥө эрэсиим быһыытынан үлэтэ саҕаланар: бэнидиэнньик – бээтинсэ, 05:00 — 13:00 чааска.