Ааспыт үйэ 80-с сылларын саҥаларыгар, сэбиэскэй кэм үгэнигэр, хомсомуоллар эрчимнээх, модун күүс быһыытынан, өрүстэри муоһалыыллара, тимир суоллары, собуоттары, куораттары туталлара. Ол курдук, Таатта улууһугар, Амма өрүс кэрэ кытылыгар “кырыс сири туһаҕа таһаарыы” ыҥырыыны олоххо киллэрэн, Даайа Аммата диэн бөһүөлэк баар буолбута. Манна Саха сирин бары муннуктарыттан кэлбит хомсомуоллар, ыччат биригээдэлэрэ тэриллэн, кырыс сиргэ үлэлээбиттэрэ, суохтан баары оҥорон, дьоҕус бөһүөлэги тутан таһаарбыттара, диэн Саха сирэ суруйар.
Билигин Даайа Амматыгар 220 киһи олорор. Былырыын “Хаарбах дьиэттэн көһөрүү” федеральнай бырагыраамаҕа хапсан, 33 кыбартыыралаах икки таас дьиэни тутан дьэндэтэн кэбиспиттэрэ. Манна эргэ арболитовай уопсай дьиэлэргэ олорбут дьон көспүттэрэ. Оҕолуун-уруулуун, бу дьиэлэргэ сүүстэн тахса киһи олорор, онон бөһүөлэк аҥаара бу икки дьиэҕэ көһөн киирбит диэтэххэ, сыыспаппыт.
Арай, тыа сиригэр кэлбиккин биллэрэн, бастакы этээскэ ким эрэ хотоҥҥо сылдьар таҥаһын, хаатыҥкатын батарыайаҕа куурда уурбут. Олохтоохтор сүөһүнү туталлар, күн аайы хотонноругар сылдьаллар. Онон бэйэ оҥорор үүтэ, этэ баар.
“Маннык дьиэ тутуллуо диэн өйгө да суоҕа”
Бу дьиэҕэ Даайа Амматын биир бастакы олохтооҕо Галина Егоровна Чоросова олорор. Кини Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх. 1983 сыллаахха Харбалаах СПТУ-гар үөрэммитэ. “Таатта” сопхуос дириэктэрэ Хрисанф Иванович Кашкин ыҥырыы таһааран, ыччат учаастагын тэрийэр туһунан биллэрбит кэмэ этэ. Даайа Аммата тутулла илигэ, аҕыйах дьиэ баара.
Галялаах 15 буолан кэлбиттэрэ. Ытык Күөлтэн, Кыйыттан эмиэ ыччаттар кэлэн, үлэлии сылдьаллара. Бастаан барыларын кулуупка түһэрбиттэрэ, онтон эргэ дьиэҕэ көһөрбүттэрэ. Дьэ, үлэ күөстүү оргуйбута. Галина бааһынаҕа өр сыллаах оту үүннэриигэ, бэстилиэтинэн ууну ыстарыыга, ыскылааты ыраастааһыҥҥа, о.д.а. үлэлээбитэ. Күһүнүн хотоҥҥо ыанньыксытынан киирэн, 25 тиҥэһэни ыыр буолбута.
— Ыччаттар 50-ча этибит. Араас улуустартан кэлбит хомсомуоллар олус көхтөөх, доҕордуу буоларбыт. Сааскыттан ыла мээчиктиирбит, оонньуурбут. Кыһын кулуупка түмсэн, үҥкүүлүүрбүт. Үлэни да, сынньалаҥы да сатаан дьүөрэлиирбит. Сыыйа уолаттар-кыргыттар билсэн-көрсөн, ыал буолбуттара, комсомольскай сыбаайбалар ньиргийбиттэрэ, — диэн Галина Егоровна кэпсиир.
1991 сыллаахха сопхуос эстэн, нэһилиэги Кыйыга холбообуттара. Үлэ да, хамнас да суох буола түспүтэ. Үгүстэр дойдуларыгар барыталаабыттара. Чоросовтар төлкөлөрө түспүт сирдэригэр хаалбыттара. Кэргэнэ Иван Филиппович 2015 сыллаахха суох буолбута. Галина Егоровна 6 оҕо, уонтан тахса сиэн тапталыгар бүөбэйдэнэн, 3 хостоох сырдык, сылаас дьиэҕэ куораттыы тэринэн олорор. Айылҕата кэрэтэ бэрт, сир аһа, балыга дэлэй буолан, сайын аайы Даайа Аммата сиэннэр чуопчаарар саҥаларынан туолар, сэргэхсийэр.
— Бу дьиэлэри 2015 сылтан туруорсаннар, былырыын сэтинньигэ киирбитэ. Сылааһа, сынньалаҥа диэн сүрдээх үчүгэй. Маннык дьиэ тутуллуо диэн толкуй өйгө да суоҕа. Кырдьар сааска дьылҕа бэлэҕин курдук буолла. Онон нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит салалталарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит, — диэн Галина Егоровна этэр.
Ангелина Васильева, Саха сирэ