22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чурапчы улууһугар пандемиянан сибээстээн элбэх оҕолоох ыалга материальнай көмө оҥордулар

16:01, 17 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чурапчыга «Дьиэҕэр олор — дьиэ кэргэн экономикатынан дьарыктан!» пилотнай бырайыак иитинэн, улуус дьаһалтата элбэх оҕолоох 331 ыалга эбии материальнай көмө оҥордо. Бу туһунан edersaas.ru сайт суруйар.


Түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга бородууктанан биир кэмнээх көмө оҥоһулунна. Уопсайа 993 тыһ. солк. суумалаах «сухой паек» бэрилиннэ.

Санатан эттэххэ, улууска пандемиянан сибээстээн нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөр сыаллаах «Дьиэҕэр олор — дьиэ кэргэн экономикатынан дьарыктан!» пилотнай бырайыак үлэлиир. Бырагыраама 9 хайысхалаах. Ол иһигэр бэйэ дьыалатынан дьарыктаныы, дохуоту үрдэтии, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан бэйэни хааччыныы уонна д.а.

Бырагыраама кыттыылааҕа Екатерина Макарова: «Улуус дьаһалтатыгар маннык бырагырааманы олоххо киллэрбиттэригэр махталбын тириэрдэбин. Удамыр сыанаҕа тэпилииссэ уонна 10 куурусса сакаастаабытым. Кыыспынаан оҕурсу олордубуппут. Маны таһынан помидор, хаппыыста, сүбүөкүлэ олордубуппут. «Эрилик» микро-оройуоммутугар уу ситимэ баар буолан абыранныбыт», — диэн санаатын үллэстэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА