29 Муус устар 29.04
  • -8°
  • $ 91,78
  • 98,03

Биэнсийэ эрдэлээн төлөнүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биэнсийэ пуондата муус устар ый бастакы аҥаарыгар төлөнүөхтээх биэнсийэни урутаан ыытта.


Дойду үрдүнэн биллэриллибит үлэлээбэт күннэринэн сибээстээн, биэнсийэлэри уонна атын социальнай төлөбүрдэри эрдэ төлүүргэ быһаардылар. Онон Дьокуускай уонна хотугу улуустарга биэнсийэлэрин эрдэ ылыахтара.

Бу коронавирус дьаҥа тарҕамматын туһугар ылыллыбыт миэрэлэр. Билиҥҥи туругунан, «Сбербаан» уонна «Россельхозбаан» харчыларын түһэрдилэр. Муус устар 12 күнүн кэнниттэн төлөнүөхтээх биэнсийэлэр болдьохторугар төлөнүөхтэрэ.

Буоста нөҥүө бэриллэр биэнсийэлэр түһэр болдьохторугар, муус устар 5 күнүттэн саҕалаан, төлөнүөхтэрэ диэн Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Муус устар ыйга 4939 сэрии, тыыл бэтэрээнигэр Кыайыы 75 сылынан биирдэ бэриллэр төлөбүрдэрэ (75 уонна 50 тыһыынча солкуобай) уонна РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан сыл аайы ылар 10 тыһыынча солкуобайдара биэнсийэлэрин кытта тэҥҥэ түһүөҕэ.

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА