21 Балаҕан ыйа 21.09
  • $ 92,58
  • 103,38

Балаҕан ыйын 17 күнэ. Гороскоп

09:18, 17 сентября
Хаартыска: ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой

Күүппүт түгэнин кэлиэ, көһүппүт түгэнин тосхойуо.

Оҕус

Дьон тугу этэрин буолбакка, кини тугу оҥорорун болҕойон көр уонна сөптөөх түмүктэ оҥор.

Игирэлэр

Таптала суох эн олоҕун суох, таптал баар буолан эн дьоллооххун.

Рак

Сыл-хонук ааһан иһэр, онтон эн эдэргэр түһэн иһэҕин.

Хахай

Олус элбэҕи искэр тута сылдьаҕын, ону барытын этиэн этэ да өйдүүр-өйүүр дьон ахсааннаах буолуон сөп.

Кыыс

Бүгүн таптал киэһэтин оҥорорго сүбэлииллэр сулустар.

Ыйааһын

Кэнники кэмҥэ ону-маны толкуйдууруҥ наһаа элбээбит, утуйар уугун умнуоххар дылы.

Скорпион

Дьоҥҥо итэҕэйэргин, эрэнэргин биллэрдэххинэ кинилэр эн итэҕэлгин, эрэлгин таҥнарыахтара суоҕа.

Охчут

Бу күн дьиэлээхтэргин кытары сырдык, сылаас уонна алыптаах киэһэни атаар.

Чубуку

Хайдахтаах да түгэҥҥэ баҕа санааҥ хоту табылларынан оҥоро сатаа.

Күрүлгэн

Барыта бэйэҥ хайдах көрөргүттэн тутулуктаах, оннооҕор биир эрэ киһи тосту эйигин уларытыан сөп.

Балыктар

Кыра да табыллыбатаҕына санааны түһэрбэт баҕайыта — барыта кэмигэр табыллыа.

Эҥсиэли

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар