22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр 232 муниципальнай быыбардар буолуохтара

13:01, 21 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйын 13 — биир кэлим куоластааһын күнүгэр Саха сиригэр 232 муниципальнай таһымнаах быыбардар буолуохтара. Бу туһунан киин быыбардыыр кэмитиэтэ иһитиннэрэр.     


Хандьыдааттары регистрациялааһын атырдьах ыйын 12 күнүгэр түмүктэммит. Өлүөхүмэ улууһун Дельгэй нэһилиэгин баһылыгын дуоһунаһыгар аҕыйах киһи туруммутун түмүгэр манна быыбар күнэ сэтинньи 1 күнүгэр көстө.

Амма, Сунтаар, Хаҥалас оройуоннарын баһылыктарын, биэс улууска 10 дьокутааты, маны таһынан, Дьокуускай Думатыгар 7№-дээх Киин биир мандааттаах уокуругар биир дьокутааты талыахтара.

105 нэһилиэк баһылыктарын, ол иһигэр биэс улуус кииннэрин – Алдан куоратын, Бэрдьигэстээх, Покровскай куорат, Черскэй бөһүөлэгин, Баатаҕай-Алыыта баһылыктарын талыахтара. Маны таһынан, 118 нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын талыахтара.

Ити курдук балаҕан ыйын 13 күнүгэр 30 улууска уонна Дьокуускай куоратыгар 154 муниципальнай тэриллиигэ быыбар күнэ ыытыллыа. Быыбардар Анаабыр, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн уонна Муома улуустарыгар эрэ ыытыллыахтара суоҕа.

Быыбарга барыта 270 участковай хамыһыйа үлэлиэ, 182285 быыбардааччы кыттыа.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/v-edinyj-den-golosovaniya-v-yakutii-planiruetsya-232-munitsipalnye-izbiratelnye-kampanii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА