Балаҕан ыйын 1 — 12 күннэригэр Саха сиригэр 18 саҥа эбийиэги тутуу саҕаланна. Ол иһигэр 12 элбэх кыбартыыралаах дьиэ, икки үөрэх тэрилтэтэ, биир спортивнай саала, регион тутууга управлениета иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ маны сэргэ промышленнай, оҥорон таһаарыы уонна уопсастыбаннай суолталаах эбийиэктэри тутуу саҕаланна.
«2022 сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ тутууга каартата 195 саҥа капитальнай тутуулаах эбийиэгинэн эбилиннэ», — диэтэ управление салайааччыта Павел Аргунов.
Саҥа эбийиэктэр истэригэр Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар икки этээстээх спортивнай саала эбийиэгин тутуу баар. Бырайыак быһыытынан бастакы этээскэ сменаҕа 24 киһи киирэр спортивнай саалалаах, инвентарнайдаах, таҥас уларыттар сирдээх, дууштаах, санузел, быраас кабинета, процедурнай уонна техническай хос бааллар. Иккискэ — универсальнай саала, спортивнай саалалар, административнай-бытовой хостор.